Россия айылҕа харыстабылын министиэристибэтин, муниципальнай тэриллиилэр, регионнааҕы оператордар уонна кэтээн көрөр уоргаттар өрөспүүбүлүкэтээҕи бэрэстэбиитэллэрэ төгүрүк остуолга мустан кытаанах коммунальнай бөҕү кытта үлэ систиэмэтин дьүүллэстилэр.
Кытаанах бөҕү (ТКО) кытта үлэ боппуруостарын, ол иһигэр РФ айылҕа харыстабылын министиэристибэтин 303 №-дээх бирикээһин ирдэбиллэрин тула мунньахтааччылар кэпсэттилэр.
2020 сылга тахсыбыт федеральнайдааҕы өйөбүл тутулунан регионнааҕы оператордарга саҥа дьаһал баар буоларыгар этии киирдэ. Пандемия кэмигэр үлэ тохтоло суох ыытылларыгар ылыллыбыт быһаарыы сөптөөҕө этилиннэ. Маны сэргэ регионнар анал техниканан хааччыллыыларыгар федеральнай таһымҥа механизм оҥоһулларыгар этиннилэр. Кытаанах бөҕү таһаарааччылар тус дааннайдарыгар претензия суруйуутугар регоператордарга көҥүлү биэрии, иэстээхтэргэ биллэриини таһаарыы «Госуслуги» портал нөҥүө тэриллэрэ сөптөөҕүнэн ааҕылынна.
Саха сириттэн этиилэр түмүллэн дойду тустаах тэрилтэтигэр ыытыллыахтара.
Источник: ОДьКХ министиэристибэтин пресс-сулууспата