Хас биирдии киһи олоҕо остуол ньуурун курдук көнө-налыы, уу нуһараҥ буолбат, хайаан даҕаны түһүү-тахсыы, мэһэй-моһол туорааһын баар. Ол орто дойду олоҕун суруллубатах сокуона. Дьэ маннык түгэннэргэ, сарын сарынтан өйөнсүү, көмө-тирэх буолуу, өйөбүл-өйдөбүл баар буолара икки өттүттэн – көмөлөһүннэрээччигэ даҕаны, көмөлөһөөччүгэ даҕаны олохтон дуоһуйууну, бэйэҕэ да аттыгар баар да дьонноргор эрэл санааны, махталлаах буолууну үөскэтэр, сылаас сырдык сыдьаайы, эйэҕэс-элэккэй эйгэни, олох олоруохха баҕа санааны бөҕөргөтөр, үөскэтэр.
Наталья Алексеевна, Егор Софронович Софроновтар дьиэ-кэргэттэрэ дьиҥ чахчы бэйэ-бэйэҕэ өйөһүүнү-өйдөһүүнү эттэринэ-хааннарынан билэллэр. Егор Софронович үлэ үөһүгэр, олох оргуйар тыыныгар сылдьан дьылҕа хаан кытаанах ыйааҕынан субу күлүмүрдүү сылдьыбыт олоҕо түөрт истиэнэҕэ хаайтарбыта. Олоҕо ол күҥҥэ уонна ол күн кэнниттэн диэҥҥэ хайдыбыта. Эдэрэ да бэрт этэ…кыанара, үлэһитэ биир оччо буоллаҕа… Дьэ манна буолбута орто дойду олоҕун саамай истиҥ иэйиитигэр тапталга уйдара сылдьан олох араас түгэнин барытын бииргэ буолан үллэстиэхпит, кытта буолартан кыахтаныахпыт, сэргэстэһэ сылдьарбыттыттан сэниэлэниэхпит диэн истиҥ, ыраас ыра санаанан андаҕайсыы тоҕоостоох түгэнэ. Кэргэнэ Наталья Алексеевналыын күн бүгүҥҥүгэ диэри бииргэлэр, күн бүгүҥҥүгэ диэри үөрүүнү-хомолтону тэбис тэҥҥэ үллэстэллэр. Бу күннэргэ кинилэргэ күннээх халлаан сыдьаайыныы сырдык санаалаах, сылаас сыһыаннаах быһыы-майгы буолан ааста. Ол туһунан Наталья Алексеевна маннык кэпсээтэ.
“Тимуровскай көмө диэн оччоттон баччаҕа диэри кэлбит олус туһалаах, оҕону, эдэр ыччаты иитиигэ-үөрэтиигэ тоҕоостоох, туһалаах хамсааһын күн бүгүн даҕаны баара биһиги тус олохпутугар сэргэхсийиини, үөрүүнү аҕалла. Ол курдук СӨ култууратын туйгуна, СӨ үөрэхтээһинин туйгуна, ырыа айааччы, кылаас салайаччыта, учуутал Андросов Николай Михайлович салалталаах тимуровскай көмө кэлэн хортуоппуйбутун хостообуттарын таһынан кыаллыбат тэттик үлэлэрбитин оҥорон бардылар. Бу таһыттан көрдөххө бэрт кылгас алтыһыыга мин урукку көлүөнэ киһитэ буолан туран үлэҕэ сыһыаҥҥа, бэйэ-бэйэни кытта алтыһыыга, оҕону үлэнэн иитиигэ сүҥкэ оруоллаах тимуровскай көмөнү өрө тутар Слепцов Николай Владимирович дириэктэрдээх оскуолабыт кэлэктиибигэр бу кылааһынан сирэйдээн дириҥ махталбытын биллэриэм этэ.
Оҕолор барахсаттар Хатаспыт кэлэр көлүөнэ ыччаппыт — Павлов Богдан , Гоголев Айтал ,Егоров Тимур , Цариев Илья , Никифорова Яна , Наумов Артём, Саввинов Марат , Алексеев Алексей , Андреев Дима , Захаров Александр , Саввин Эрик , Соловьёв Володя Павлов Сергей , Варламова Элеонора буоланнар үөрэ-көтө көмөлөһөн бардылар. Оҕолорго баҕа санаабыт бастыҥын анаан туран кытаанах доруобуйаны , тумуу тумуннун , ыарыы ыалласпатын , хамсык таарыйбатын диэн алгыс тылларбын тиэрдэбин. Кинилэр бу курдук аламаҕай майгылаах, көмүскэс санаалаах улаатаннар төрөппүттэрин үөрдэр кынаттыыр , дьоллуур дьоһун дьон буола улааттыннар , төрөппүттэригэр дьоллоох уһун олоҕу диэн санаабын этэбин.
Түгэнинэн туһанан түөлбэбит салайааччытыгар куруутун болҕомтолоох, үөрүүнү-хомолтону тэҥҥэ үллэстэр, дьаһаллаах-мүһэллээх Николай Семенович Поповка уонна Хатас нэһилиэгин дьаһалтатыгар махталбытын тиэрдэбин.”
Дьэ кырдьыга даҕаны Наталья Алексеевна эппитинии тимуровскай көмөнү аҥаардас үлэлээһин курдук сыаналаабакка бу хамсааһын үтүө өрүтэ элбэҕин дириҥник өйдүүр салайаачылар бааллара көмүскэс санаалаах күн сирин, аламаҕай санаалаах айыы сирин дьоно саха норуота буоларбытынан киэн туттуоххайыҥ. Бу түгэҥҥэ сыһыаран салайар кылааһын оҕолорун кытта тэҥҥэ сылдьан үлэҕэ, ханнык баҕарар киһиэхэ аламаҕай сыһыаҥҥа бэйэтинэн холобур буолар Николай Михайлович Андросовы ырыа айааччы, ыллааччы, ыллатааччы эрэ курдук сыаналыыр тутаҕын тоһоҕолоон туран махтаммытыгар Наталья Алексеевнаҕа эмиэ махтал тылын этэбин. Манна даҕатан эттэххэ Хатаспытыгар “Байанай” түмсүү эр дьоно күһүҥҥү сааскы бултарыттан аҕам саастаах дьоҥҥо, элбэх оҕолоохторго, БББ сылдьааччылар дьиэ-кэргэттэригэр кэһии оҥостон түҥэтиилэригэр Николай Михайлович көхтөөхтүк кыттар. Күн бүгүн хас да ыал күөһүгэр кини күндүлээбит собото, куһа ыргыччы буһан турдаҕа.
Наталья Руфова, Хатас
This post was published on 19.09.2023 09:35 09:35