Кэбээйи уонна Куокуй нэһилиэктэригэр саха талааннаах бэйиэтэ, фронтовик суруйааччы Тимофей Сметанин 100 сааһын киэҥ хабааннаахтык бэлиэтээтилэр. Хаҥаластар ыҥырыллан ыалдьыттаатылар, эһиил аны бэйэлэригэр көрсүөх буоллулар.
Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа суруйааччы, бэйиэт, Хаҥаластар күтүөттэрэ Тимофей Егорович Сметанин 100 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэ Хаҥаластан түөрт буолан кытынныбыт.
Саастан саҕалаан саха тылын учуутала Саргылаана Николаевна Унарова уонна нуучча тылын учуутала, 1-кы Дьөппөнтөн төрүттээх Куокуй нэһилиэгин кийиитэ Игнатьева (Трофимова) Василиса Михайловна олохтоох суруйааччылар олохторун, айар үлэлэрин дириҥэтэн үөрэтэр, сырдатар сыаллаах-соруктаах «Ситим» айан педагогическай бырайыагы суруйаллар. Олохтоох дьаһалта өйүүр. Онон сааскы каникулга үөрэнээччилэри кытта Тимофей Сметанин үйэлээх үбүлүөйүн көрсө кини үлэлээбит, көмүс уҥуоҕа көтөҕүллүбүт сиригэр анаан-минээн Покровскайга кэлэллэр. Музейга, бэчээт дьиэтигэр, Т.Сметанин олорон ааспыт дьиэтигэр сылдьан, көрөн-истэн бараллар. Ону таһынан бу сайын куокуйдар биир дойдулаахтара Алексей Калининскай – Луҥха Өлөксөй салалтатынан Тимофей Сметанин “Бу Лена” хоһоонугар биэрэк үрдүгэр клип устан барбыттара.
Онно Хаҥалас дьонун-сэргэтин Т.Сметанин үбүлүөйүгэр ананар тэрээһиннэригэр ыҥырбыттара. Хаҥалас улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Николай Николаевич Федоров, Г.В.Ксенафонтов аатынан кыраайы үөрэтэр музей директора Алексей Алексеевич Третьяков, Хаҥалас улууһун “Арчы дьиэтэ” норуот айымньытын киинин директора Лидия Васильевна Харитонова, Хаҥалас улууһун кииннэммит библиотека методиһа Оксана Кирилловна Корнилова ааспыт нэдиэлэҕэ бара сырыттыбыт.
Кэбээйигэ П.Д.Степанов аатынан краеведческай музей директора Егор Аквсентьевич Иванов көрүстэ. Кини биһиги биир дойдулаахпытыгар, Улахан-Аантан төрүттээх, тыыл, үлэ ветерааныгар, СӨ үтүөлээх учууталыгар Парасковья Михайловна Максимоваҕа илдьэн ыалдьыттатта.
“Кэбээйи уонна Хаҥалас ситимэ” диэн ааттаан музейга төгүрүк остуол тэрийдилэр, ыалдьыттарын саха сиэринэн үрүҥ илгэнэн, алаадьынан күндүлээн, айах тутан көрүстүлэр.
Е.А.Иванов музейын сырдатта. Кини 1998 сыллаахха Т.Сметанин 85 сааһыгар ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ оччотооҕу баһылыкпыт А.А.Добрянцев, музей директора П.Н.Харитонов – Ойуку уонна олохтоох хаһыат редакциятын үлэһиттэрэ кэлэн кыттыыны ылбыттарын истиҥник санаан туран аҕынна.
Санаа атастаһыытыгар Т.Сметанин бииргэ төрөөбүт балта, тыыл, үлэ бэтэрээнэ Екатерина Егоровна Сметанина убайынаан Тимофейдыын алтыспыт кэмнэрин кэпсээтэ, убайыгар анаан таһааттарбыт фото-альбомун бэлэхтээтэ, Виктория Ядреева Т.Сметаниҥҥа анаан хоһоон аахта.
Т.Сметанин хоһоонугар күрэс кыайыылаахтара долгуйан туран, бэйиэт хоһооннорун аахтылар, Н.Н.Федоров, А.А.Третьяков улууспутун сырдаттылар.
Оскуолаҕа үөрэнээччилэр экскурсия тэрийдилэр. Оҕолор мин аҕам Василий Николаевич Харитонов 1947 сыллаахха сэттис кылааска үөрэнэ сылдьан Т.Сметаниҥҥа анаабыт хоһоонун ааҕан, соһутан уйулҕабын хамсаттылар. Музей директора Е.А. Иванов Тимофей Сметанин оҕо сааһа ааспыт сирдэринэн Чомчуһах алааһын, Култуура сыһыытын кэриттэрдэ. Нэһилиэк олохтоох “Дабаан” хаһыатын общественнай кэрэспэдьиэнэ Петр Иванович Ноговицын айаммыт былаһын тухары бэйэтэ айбыт хоһоонун ааҕан барыбытын сэргэхситтэ. Тимофей Сметанин бүүһүгэр тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уурдубут.
Куокуй баһылыга Наталья Васильевна Винокуровалыын салгыы айаннаатыбыт, Кэбээйиттэн 40-ча км. Дэриэбинэни омос көрдөххө олус чөкө, сааһыылаах, манна 800-кэ киһи олорор, таас дьыссааттаахтар, оскуолалаахтар, дьаһалта саҥа дьиэтэ мас.
Нэһилиэк дьоно, оҕолоро ыалдьыттары литературнай композициянан көрүстүлэр, “Кэбээйи уонна Хаҥалас историческай уонна литературнай ситимнэрэ” диэн ааттаах төгүрүк остуолга кытынныбыт. Н.Н.Федоров Софрон Сыранов сылыгар туох үлэ бара турарын сырдатта, олохтоох администрацияҕа, библиотекаҕа өйдөбүнньүк кинигэлэри администрация уонна улуус култууратын ааттарыттан бэлэх биэрдэ, А.А.Третьяков “Поэт сүрэҕэ ” диэн П.Н.Харитонов – Ойуку Т.Сметаниҥҥа анаан ахтыы суруйбутун улахан трибунаттан аахта, Л.Д.Аммосова Т.Сметаниҥҥа анаан матырыйаал хомуйан ыыппытын үөрүүлээх быһыыга туттарда.
Төгүрүк остуол кыттыылаахтара икки улуус култуура, спорт, тыа хаһаайыстыбата сайдарын, инникитин бииргэ үлэлэһэллэрин туһугар резолюция ылынан, сөбүлэҥ түһэристибит.
Аҕа дойду сэриитигэр, духуобунаска анаан саҥа туппут сквердарын көрдөрдүлэр, сэрии кыттыылаахтарыгар анаммыт саҥа тутуу үөрүүлээх аһыллыытыгар кыттыыны ыллыбыт.
Т.Сметаниҥҥа аналлаах тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттыбыт дьону наҕарадалаатылар, Хаҥаласка Т.Сметаниҥҥа үлэлэспит, сүбэлээбит П.Н.Харитоновка, Л.Д.Аммосоваҕа, Г.М.Герасимовка махтанан эҕэрдэ сурук, олохтоох суруйааччыларын кинигэтин бэлэх ууннулар. Олохтоохтор күүстэринэн концерт көрдөрдүлэр, манна кытынным.
Күргүөмүнэн хаартыскаҕа түстүбүт, общественноһы кытта атах тэпсэн олорон кэпсэттибит, куокуйдар Хаҥаластан төрүттээх дьоннорун презентациялаан билиһиннэрдилэр. Түмүккэ Хаҥалас, Куокуй гимнарын ыллаатыбыт уонна оһуокайынан түмүктээтибит.
Нөҥүө күнүгэр олохтоохтор күүлэй тэрийэн, оҕолуун, эмэнниин бары балыктаатыбыт, хата Күөх Боллох иччибит син бэрсэн астынныбыт.
Куокуйдар Т.Сметанин сырдык кэриэһин ытыктаан, үйэтитэр сыалтан олус элбэх үлэни ыыппыттар, сэрии, тыыл кыттыылаахтарыгар, чулуу дьонноругар олус тупсаҕай оҥоһуулаах элбэх скверы туппуттар. Инникитин даҕаны дойдугут, нэһилиэккит сайдарын-үүнэрин туһугар туруулаһан туран үлэлээбит сыраҕыт үтүө түмүктэрдээх буолан, уйгу-быйаҥ олохтонуҥ диэн алгыс тылбытын аныыбыт.
Аны саас куокуйдар литературнай экспедицияларын салгыыр баҕалаахтар, онон Т.Сметанин кэргэнэ Матрена Григорьевна Тарасова – Сметанина дойдутугар тиийэрдии, Булууска, “Орто Дойду” зоопаркатыгар сылдьар былааннаахтарын эттилэр. Онон биһиги, хаҥаластар, эрдэттэн бэлэмнэнэн, үтүө суобастаахтык көрсүөхпүт диэн эрэннэрэбит.
Ааптар: Лидия Харитонова, Хаҥалас улууһа
This post was published on 18.11.2019 16:58 16:58