Уус идэтэ Сахабыт сиригэр үүнэ-сайда турарын туһугар, быйыл Мииринэй оройуонугар буолар Ыччат ыһыаҕар «Тимир ууһа» диэн эдэрдэргэ куонкурус ыытыллыаҕа. Тэрийээччилэр бу күөн көрсүһүү быйылгы ыһыах биир сүрүн күрэхтэһиитинэн буолуоҕа диэн бэлиэтииллэр.
Күрэхтэһии хас да түһүмэхтээх. Ол курдук, кыттааччылар быһахтарын эрдэттэн оҥорон илдьэ кэлэллэр. Дьүүллүүр сүбэ биир күүстээх мадьыныны ыҥырар. Кини куонкурустаһааччылар аҕалбыт быһахтарынан бар дьон иннигэр маһы кыһан, боолдьоҕу уонна кумааҕыны быһан көрдөрөр. Онно кылаана алдьамматах быһах бастыҥынан аатаныа.
Быйылгы күрэхтэһиигэ бастаабыт ууска МР-полуавтомат саа, иккис миэстэлээххэ быһах сытыылыыр станок, үһүскэ тиксибит ууска уһанар тэриллэр туттарыллыахтара. Бүгүҥҥү туругунан, күрэскэ 20-тэн тахса киһи кыттар баҕалааҕын биллэрбит.