Уһук Илиҥҥи тимир суол Саха сиринээҕи ыстаансыйаларыгар атырдьах ыйыгар 782,8 тыһ туонна таһаҕас тиэлиннэ, бу былырыыҥҥыны кытта тэҥнээн көрдөххө 11,3%-нан элбэх. СИА-ҕа хампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
2021 сыл тохсунньу — атырдьах ыйа тиэйиитэ 6 мөл 386 тыһ туонна, бу 15,5%-нан былырыыҥҥыттан элбэх.
8 ыйга тиэлиннэ:
— чох – 6,2 мөл туонна (+15,3% былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ);
— ньиэп уонна ньиэп бородууктата – 48,6 тыһ туонна (1,6 төгүл элбэх);
— метиз – 41,3 тыһ туонна (-2,2%);
— цемент – 53,3 тыһ туонна (+9,6%);
— тутуу матырыйаала – 16,7 тыһ туонна (2020 сылга бу өҥө суоҕа).
This post was published on 09.09.2021 11:01 11:01