Тимир суолунан айаннааһын балаҕан ыйыгар үс төгүл эбилиннэ

«Железные дороги Якутии» хампаанньа вагоннарыгар балаҕан ыйыгар 24 300 пассажир айаннаата, бу былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ 35%-нан элбэх. Тохсунньу — балаҕан ыйа 2022 сылга 203,8 тыһ киһи тимир көлө өҥөтүнэн туһанна, бу 1,9 төгүл элбэх.

Аллараа Бэстээх ыстаансыйаттан күн аайы пассажирскай поезд күнүнэн атастаһыннаран Тындаҕа уонна Благовещенскайга тиийэ айанныыр. Владивостокка уонна Иркутскайга тиийэр вагоннар эмиэ бааллар.

Трансфер баар «Дьокуускай — Аллараа Бэстээх тимир суол вокзала» маршрутунан.

Алтынньы 15 күнүгэр диэри Лена эбэнэн «В. Рукавишников» теплоход таһар.

This post was published on 12.10.2022 15:29 15:29