Тимир суол үлэһитэ бодибилдиҥҥа Саха сирин чемпиона буолла

«Сергеляхские огни» култуура киинигэр алтынньы 1 күнүгэр бодибилдиҥҥа Саха Өрөспүүбүлүкэтин чемпионата буолла. Манна «Саха сирин тимир суоллара» хампаанньа  машиниһын көмөлөһөөччүтэ Андрей Савич кыайда.

Андрей Савич «классический бодибилдинг» категорияҕа бастакы миэстэни ылла. Кини спорт маастарын кандидатыгар нуорманы толордо, онон бодибилдиҥҥа өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы КМС буолла.

Хампаанньаҕа Андрей иккис сылын үлэлиир.  Бодибилдинынан 9 сылын дьарыктанар. 2019 сыллаахха Саха сиригэр муҥутуур кыайыылаах буолбута.

This post was published on 05.10.2022 17:31 17:31