Тиксиигэ ветродизельнай комплексы аһыы үөрүүлээх тэрээһинэ буолла

Ахсынньы 22 күнүгэр Булуҥ улууһун Тиксии бөһүөлэгин уотунан хааччыйар ветродизельнай комплексы аһыы үөрүүлээх тэрээһинэ буолла. Видеоконференцсибээс көмөтүнэн тэриллибит «Москуба – Дьокуускай – Тиксии – Токио» телемостка Саха сирин, Япония, «РусГидро» бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар.


Ил Дархан Айсен Николаев ураты тутуу этэҥҥэ түмүктэммитинэн эҕэрдэлээтэ. “Саха сирин эрэллээх уот ситиминэн хааччыйар, өрөспүүбүлүкэҕэ энергетика атын көрүҥнэрин олоххо киллэрэр улахан соруктар тураллар. Маныаха РФ Бырабыыталыстыбата, «РусГидро» улахан көмөлөөхтөр. Бүгүн үлэҕэ киирэр комплекс Тиксии олохтоохторун олоҕун биллэ тупсарыа”, — диэтэ Ил Дархан.

Хоту тыйыс усулуобуйатыгар барсар комплексы Япония Komaihaltec хампаанньата таҥмыт. Тыалынан үлэлиир тэриллэр –50 ºC тымныыны, сөкүүндэҕэ 70 миэтэрэ түргэннээх тыалы тулуйар кыахтаахтар. Дизель агрегаттар булкадаһыга, оҥоһуга суох (сырая нефть) ниэбинэн үлэлиир кыахтаахтар. Ити сылга 500 туоннаҕа тиийэ оттугу экономиялыа.

Саҥа комплексы «Сахаэнерго» үлэлэтиэ.

Сиһилии манна аах https://ysia.ru/v-poselke-tiksi-vveli-v-rabotu-unikalnyj-vetrodizelnyj-kompleks/

This post was published on 23.12.2020 10:07 10:07