Булуҥ улууһугар муус устар 1-3 күннэригэр табаһыттар сүлүөттэрэ буолара былааннанар. Нэһилиэктэр кыттаары бэлэмнэнэллэр. Улуус баһылыга Константин Шахурдин сүлүөт кэмигэр ыттар суох буолуохтаахтарын ирдиир.
«Сотору кэминэн нэһилиэктэртэн табаһыттар кэлиэхтэрэ. Ыттарбыт күн түүн элбээтэр элбээн иһэллэр, кэлбит табаларга кутталы үөскэтиэхтэрэ. Онон сөптөөх дьаһаллары ылар кэм кэллэ», — диэн улуус планеркатыгар Тиксии бөһүөлэгин салалтатыгар эттэ.
Сүлүөт Тиксии бухтатыгар буолара бигэргэтилиннэ. Култуурунай өттүн Дьокуускай куораттан «Туймаада» ансаамбыл кэлэн киэргэтиэ.
Нэһилиэктэр бу улахан тэрээһиҥҥэ кыттаары бэлэмнэнии үгэнэ. Холобур, «Приморскай» МУТ дириэктэрэ Владимир Алексеев олохтоох табаһыттарга дьоҕус сүлүөт тэрийдэ. Бириискэ «Буран», электрогенератор, бензопила туруоран, дьонун көҕүлээтэ.
This post was published on 22.03.2016 11:34 11:34