Тиксиигэ тоҕу барбыт трасса саахалын үмүрүттүлэр

Нэдиэлэ саҕаланыыта Тиксиигэ Трусов аатынан уулусса 9 уонна 11 нүөмэрдээх дьиэлэрин икки ардыларыгар ититэр ситим трассата алдьанан, уу тоҕо баран олохтоохтору ыксата, долгута сырытта. Саахалланыыттан тохтубут уу бөһүөлэк киин уулуссатын  улахан катокка кубулутта.


Быһылаантан сылтаан Трусов аатынан уулусса 9, 13, Академик Федоров аатынан 28а, 36, 38 нүөмэрдээх дьиэлэр, “Солнышко” дьыссаат уонна гидрометстанция тоҥор кутталга киирэ сырыттылар. Маны таһынан дьон Ленинскэй уулусса 2а нүөмэрдээх дьиэтэ эмиэ тоҥон эрэр диэн биллэрбитэ.

Булуҥнааҕы ОДьКХ кылаабынай инженерэ Пахом Кириллов СИА-ҕа маннык биллэрдэ:

Кулун тутар 14 күнүгэр хочуолунайы техническэй биричиинэнэн тохтото сылдьыбыппыт. Холбуур кэммитигэр Трусов аатынан уулуссаҕа баар трасса базальтовай турбата тоҕо барбыта. Бу трассаны саппаас линияҕа холбоотубут, ол эбэтэр итии уу Ленинскэй уулусса трассатыттан кэлэр. Трусов аатынан уулусса 9 уонна 11 нүөмэрдээх дьиэлэр икки ардыларыгар уу тоҕо барбыт трассатын араардыбыт, турба уларыйыыга эрэ барар. Турба – базальтовай, онон килиэйдэнэр эрэ кыахтаах, оттон билигин таһырдьа тымныы.

Кини салгыы иһитиннэрбитинэн, Ленинскэй уулусса 2а нүөмэрдээх дьиэтин кимэ биллибэт киһи уу ааһар трасса олуурун сабан кэбиспит. Хаһаайыстыба үлэһиттэрэ тута чөлүгэр түһэрбиттэрэ.

Билиҥҥи туругунан бары кыһалҕалар туоратылыннылар.

This post was published on 17.03.2016 16:00 16:00