Тиксиигэ табалары кыргыы: Табаһыттар, ама, бэйэлэрэ буруйдаахтар дуо?

Тиксиигэ табалары ытыалаабыттарын туһунан эрдэ суруйан турабыт. Табаһыттар эбээһинэстэригэр ситэритэ суох сыһыаннарын иһин төттөрү бэйэлэрин эппиэккэ тардар курдук балаһыанньа билигин үөскээбит.


«Булуннааҕы» тэрилтэ салайааччыта Лена Баишева быһаарбытынан, табалар лабыкта көрдөөн балааккалартан 3 км кэриҥэ тэйиччи барбыттар. Ол иһин табаһыттар саа тыаһын истибэтэхтэр. Кини этэринэн, 25 табаны ытылаабыттар, 5 бааһырбыт. Эрдэ 19 таба өллө, 11 таба бааһырда диэн этэ. Дьиэ табаларын ытыалааһынтан дьон-сэргэ улаханнык аймаммыта. «Быһылаан буолбутун иккис күнүгэр оройуон олохтоохторо бары ытыалаабыт дьон ааттарын, араспаанньаларын билбитэ. Табаһыттары бэйэлэрин буруйдуу уонна хоромуньуну алын кээмэйинэн көрдөтө сатыыллара  дьиксиннэрэр», — диэтэ оройуоннааҕы дьокутаат Полина Стручкова. Кини тустаах бөлөҕү тэрийэргэ, бөлөх толуйуу харчытын улаатыннарары туруорсар.

Ил Түмэн дьокутаата Виктор Губарев парламент оробуочай бөлөҕө бу быһылаан тула үлэни салгыы ыытарын эттэ. «Табаһыттарга ханнык да ыйытык үөскүө суохтаах. Табалары кыргыбыттар эппиэтинэстэн куотунуохтара суоҕа. Силиэстийэ түргэнник ыытылларын уонна тиһэҕэр диэри тиэрдиллэрин ситиһиэхпит», — диэтэ кини.

Булуҥ борокуруорун солбуйааччы Раиса Кислицына муус устар 8 күнүгэр холуобунай дьыала тэриллибитин, ветеринарнай экспертиза анаммытын, баллистическай, о.д.а. экспертиза оҥоһуллубутун туһунан эттэ.

«Экспертизалар түмүктэрэ тахсыбыттарын кэнниттэн буруйдааһын оҥоһуллуоҕа. Икки буруйдаах киһи хоромньуну толуйар туһунан эппиттэрэ», — диир кини.

Табаһыттар слеттарын тэрийээччи этэринэн, Күһүүртэн күрэстэһиигэ кытта кэлбит «Булуннааҕы» МУП табаларын буруйдаахтар сорунан туран ытыалаабыттар. «Кулун тутар 27 күнүгэр быһылаан тахсыбыта эбитэ буоллар, дьиэ табаларын дьиикэйдэргэ буккуйбуппут дииллэрин итэҕэйиэххэ сөп этэ. Муус устар 6 күнүгэр слет кэнниттэн хайа табаһыттар, ханна тохтоон туралларын дьон барыта билэрэ. Онно сорунан туран киһи сиэригэр-майгытыгар баппат быһыыны оҥорбуттар», — диир тэрийээччи.

This post was published on 13.05.2016 11:50 11:50