Тиксиигэ “Өлбөт үйэлээх полк” хаамта

Бүгүн Тиксии бөһүөлэгэр “Өлбөт үйэлээх полк” хаамыыта тэрилиннэ. Оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ Улуу сэриигэ кыттыбыт эһэлэрин, аҕаларын, чугас дьонун хаартыскатын мэтириэттэрин тутан хаамтылар.


Эйэ болуоссатыгар бырааһынньыктааҕын тэрээһин дьону түмэ тарта.

Кыайыы күнүн улуус баһылыга Константин Шахурдин, бөһүөлэк баһылыга Сергей Лиджиев, бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Марфа Филиппова-Булунская, оройуоннааҕы депутаттар Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Леонид Калимбет сэрии уонна тыыл бэтэрээннэригэр махтанан эҕэрдэ тыл эттилэр.

Улуус ытык кырдьаҕастара оскуола үөрэнээччилэрин кытары Кыайыы Бэлиэтигэр тыыннаах сибэкки уурдулар. Булуҥ улууһугар баар байыаннай чаас сулууспалаахтара, “Өлбөт үйэлээх полк” биир кэккэнэн  хааман, уоттаах сэриигэ кыттыбыт буойуннар, тыылга үлэлээбит хорсун дьон сырдык ааттарыгар сүгүрүйдүлэр.

Кэнсиэр, спортивнай күрэхтэр ыытылыннылар.

This post was published on 09.05.2016 14:57 14:57