Тиксиигэ катогу оҥорууну ыччаттар көҕүлүүллэр

Бөһүөлэк ыччата, спорка эдэрдэри уһуйааччылар Дмитрий Болтунов уонна Николай Шахурдин көҕүлээһиннэринэн, кыттыыларынан сааскы катогу бэлэмнээһин үлэ буолла.


«Сир кээмэйин быһан, хаартан ыраастаан, бөҕү-саҕы хомуйдубут. Кутуллар уу таһынан барбатын диэн каток быһыллыбыт кээмэйин кытыыларыгар хаптаһын мастары хаарынан сыбаан уурталаатыбыт. Олохтоохтор оҕолуун-уруулуун кэлэн көмөлөстүлэр», — диэн кэпсиир Дмитрий Болтунов.

Булуҥнааҕы баһаарынай чаас үлэһиттэрэ бэлэмнэниллибит сиргэ ууну толору куттулар, ол кэннэ тэҥнээн биэрдилэр.

«Өссө биирдэ уу кутуохпут, чиҥэтэн оҥорон биэриэхпит. Сотору кэминэн манна оҕолор оонньуур-көрүлүүр, дьиэ кэргэттэр оҕолорун кытта сынньанар, тапталлаахтар күүлэйдиир сирдэрэ буолуо диэн бигэ эрэллээхпит», — диир бу тэрээһини көҕүлээччи ыччат Василий Баланов.

This post was published on 14.03.2016 13:55 13:55