Тиксиигэ күүстээх тыал түһэн оскуолалар уонна уһуйааннар үлэлэрин тохтоттулар

фрто: Мария Васильева ЯСИА

Тиксиигэ бэнидиэнньиккэ күүстээх тыалтан сылтаан оскуола үөрэнээччилэригэр дьарыгы тохтоттулар. Оҕо саадтара эмиэ үлэлээбэттэр.

Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолордоох дьахталлары бүгүн үлэттэн босхолоотулар.

Билигин бөһүөлэккэ сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэҕэ тиийэр күүстээх тыал түһэрин сылыктыыллар.

This post was published on 20.02.2023 10:59 10:59