Сэрэдэҕэ Тиксии бөһүөлэгэр сөкүүндэҕэ 26 миэтэрэҕэ тиийэр күүстээх буурҕа түстэ. Оскуолаларга үөрэҕи тохтоттулар, кыра оҕолордоох дьахталлар үлэҕэ тахсыбатылар.
«Бөһүөлэккэ буурҕаттан сылтаан туох да көстүбэт. Сарсыардаттан сөкүүндэҕэ 24-26 миэтэрэҕэ тиийэр тыаллаах. Салгын температурата -14 °C кэриҥэ, ол гынан баран, тыал түһэр кэмигэр эмискэ тымныйар.Бөһүөлэк дьаһалтата билигин оскуола оҕолоругар үөрэҕи-дьарыгы тохтотор туһунан быһаарыыны ылла, уһуйааннар үлэлэрин эмиэ тохтоттулар. Ону таһынан, кыра оҕолоох дьахталлар бүгүн үлэҕэ тахсыбаттар», — диэн СИА-ҕа сирин Булуҥ оройуонун баһылыгын бастакы солбуйааччы Леонид Попов иһитиннэрдэ.
Кини быйыл силлиэ быйыл урукку сыллары кытары холоотоххо эрдэлээбитин бэлиэтээтэ. «Маннык тыал ахсынньыга буолааччы, онон бары даҕаны соһуйдубут. Суһал режимҥэ үлэлиибит», — диэтэ Леонид Попов.
Видео: «Маяк Арктики» телеграм-ханаал