Тиксии бөһүөлэгэр сөкүүндэҕэ 28 миэтирэҕэ тиийэр күүстээх буурҕа түстэ диэн, Маяк-Арктики телеграм ханаал суруйар.
«Бөһүөлэк дьаһалтата күн-дьыл усулуобуйатыттан сылтаан, оскуолалар уонна уһуйааннар үлэлэрин тохтотто. Ону таһынан, кыра оҕолоох дьахталлар эмиэ бүгүн үлэҕэ тахсыбаттар», — диэн СИА-ҕа Саха сиринээҕи УГМС сулууспа Булуҥ оройуоннааҕы филиалын исписэлииһэ Мария Власкина иһитиннэрдэ.
Видео: «Маяк Арктики» телеграм-ханаал