Тиксиигэ хоккейдыыр каток оҥоруутун саҕалаатылар

Бу өрөбүллэргэ Булуҥнааҕы АО “Сахаэнерго” үлэһиттэрэ уонна Тиксии олохтоохторо каток оҥоруутун саҕалаатылар. Бу иннинэ «Восход” тэрилтэ үлэһиттэрэ былаһааккаҕа үлтүркэй таастары аҕалан тарҕаппыттара.


“Сахаэнерго” улуустааҕы салаатын дириэктэрэ Александр Казаков иһитиннэрбитинэн, хоккейдыыр былаһаакканы оҥоруу үлэтигэр оҕо спорда сайдарыгар ыалдьааччылар, чөл олоҕу кэрэхсээччилэр кэлэн көмөлөспүттэр. Түгэнинэн туһанан кинилэргэ махталын тириэртэ.

«Бу күннэргэ биһиги хоккей истиэнэтин уонна истиэнэ чиҥник турдун диэн сири хастаран остуолба туруоруутунан дьарыктанныбыт. Мин санаабар, алтынньы 20 күннэригэр ууну кутарбыт буолуо. Онуоха диэри толору бэлэмнэнии үлэтин түмүктүүргэ биһиэхэ бириэмэ баар. Былаһаакка тула лаампалар умайыахтара. Маны таһынан, ичигэс таҥнар сир оҥорору былаанныыбыт, ол эрээри бу былаан аныгыскы сыл сааһыгар олоххо киириэ дии саныыбын», — диэтэ кини.

Бу былаһаакка “Якутскэнерго” дириэктэрэ Олег Тарасов бэлэҕэ буолар. Кини Тиксии бөһүөлэгэр кэлэ сылдьан, оҕолорго хоккейдыыр былаһаакканы эрэннэрбитэ. Санатар эбит буоллахха, Олег Владимирович Саха сиригэр хоккейнай Федерация президенэ. Бу оҥоһуу – Тиксии бөһүөлэгэр хоккейнай хамсааһын саҕаланыыта.

This post was published on 04.10.2016 16:41 16:41