«Чистая Арктика» бырайыак доброволецтара Тиксии бухтатыгар быраҕыллыбыт «Днепр» судноны буллулар. Уу аалыттан Лаптевтар муораларыгар туттуллубут ГСМ тохторо билиннэ, онон экосистиэмэҕэ кутталлаах буолбут.
Быһылаан туһунан ТАСС-ка бырайыак пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
««Днепры» ууттан таһаарыы уталыппакка оҥоһуллубатаҕына, суудуна таһыгар эрэ буолбакка, бүтүн Лаптевтар муораларын экосистиэмэтигэр куттал суоһуур. Салгыы Хотугу муустаах акыйааҥҥа тиийиэн сөп», — «Чистая Арктика» бырайыак чилиэнэ Андрей Нагибин эппитин, ТАСС суруйда.
Хараабыл корпуһугар хайа барыы баара көстөр, ол аттынан ууга арыы дагдайан устар.
«Днепр» Тиксии бухтатыгар ССРС кэмиттэн турар. 1970-с сыллардаахтан навигацияҕа туһаныллыбыт, туттуллубут арыыны уонна да атын ГСМ-ы хомуйууга емкостар турбуттар.
Кыһыҥҥы кэмҥэ тобохтор уматыллан, бөһүөлэги итиинэн хааччыйыыга туттуллубут.
Билигин Тиксиигэ 4,5 тыһ киһи олорор.
This post was published on 12.10.2022 16:34 16:34