22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Тиксиигэ быраҕыллыбыт суудунаттан тохтубут уматык Лаптевтар муораларыгар кутталы үөскэтэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Чистая Арктика» бырайыак доброволецтара Тиксии бухтатыгар быраҕыллыбыт «Днепр» судноны буллулар. Уу аалыттан Лаптевтар муораларыгар туттуллубут ГСМ тохторо билиннэ, онон экосистиэмэҕэ кутталлаах буолбут.

Быһылаан туһунан ТАСС-ка бырайыак пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

««Днепры» ууттан таһаарыы уталыппакка оҥоһуллубатаҕына, суудуна таһыгар эрэ буолбакка, бүтүн Лаптевтар муораларын экосистиэмэтигэр куттал суоһуур. Салгыы Хотугу муустаах акыйааҥҥа тиийиэн сөп», —  «Чистая Арктика» бырайыак чилиэнэ Андрей Нагибин эппитин, ТАСС суруйда.

Хараабыл корпуһугар хайа барыы баара көстөр, ол аттынан ууга арыы дагдайан устар.

«Днепр» Тиксии бухтатыгар ССРС кэмиттэн турар. 1970-с сыллардаахтан навигацияҕа туһаныллыбыт, туттуллубут арыыны уонна да атын ГСМ-ы хомуйууга емкостар турбуттар.

Кыһыҥҥы кэмҥэ тобохтор уматыллан, бөһүөлэги итиинэн хааччыйыыга туттуллубут.

Билигин Тиксиигэ 4,5 тыһ киһи олорор.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА