Булуҥ улууһун Тиксиититтэн үс километр кэриҥэ сиргэ үрүҥ эһэ баара бэлиэтэммит. Билигин Арктика адьырҕа кыылын көрдүү сылдьаллар.
ЕДДС салайааччыта Антон Иванов СИА-ҕа иһитиннэрбитинэн, бэҕэһээ 13 чаас саҕана «Восход» карьер начальнигыттан эбийтэккэ үрүҥ эһэ сылдьарын туһунан иһитиннэрии киирбит. Икки чаас буолбутун кэннэ эһэни тимир сыбаалкатын таһыгар бэлиэтии көрбүттэр. «Суһал сулууспа барыта эһэни буларга үлэлэһэ сылдьар. Квадрокоптеры ыытан көрдөөн көрбүттэр эрээри, күн-дьыл усулуобуйата мэһэйдэри үөскэппит. Көрөөччүлэр этэллэринэн, бу улахан эһэ. Билигин сүрүн сорукпут эһэни куттаан бөһүөлэктэн тэйитии буолар. Бэйэтин айылҕатыгар төннөрө сатыахпыт. Өскөтүн сиэмэх кыыл дьон олорор эбийиэктэригэр чугаһыыр түгэнигэр, олохтооохторго кутталы үөскэппэтин туһугар өлөрөргө тиийэбит», — диэн кэпсээтэ Иванов.
Тиксии олохтоохторун бөһүөлэк таһыгар тахсыбаттарын, оҕолорун көрүүтэ-истиитэ суох хаалларбаттарын көрдөһөллөр. Бэлиэтээн эттэххэ, үрүҥ эһэ нэһилиэккэ киирэр бастакы түгэнэ буолбатах.
This post was published on 21.07.2022 13:03 13:03