Бырабыыталыстыба РФ Арктикатын тирэх нэһилиэнньэлээх пууннарын бигэргэттэ. Экономическай уонна инфраструктурнай бырайыактар олоххо киирэллэригэр баазаларынан буолуохтара. Президент быһаарыытынан ылылынна.
Барыта 16 агломерация киирдэ, РФ тоҕус регионугар. Олор ортолоругар Булуҥ улууһуттан Тиксии уонна Ньайба бааллар. Испииһэккэ Архангельск, Мурманск, Воркута, Диксон, Ноябрьск, Певек, Анадырь уонна да атын нэһилиэнньэлээх пууннар киирдилэр.
«Сиртэн хостонор баайдаах нэһилиэнньэлээх пууннарга металлургия промышленноһын сайыннарыыга минеральнай-сырьевой кииннэр баазалара олохтонуоҕа. Сорохторго инникилээн туттуллар инвестбырайыактар, ол иһигэр логистическай кииннэр арыллыахтара», — Россия бырабыыталыстыбатыгар эттилэр.
Ыйыллыбыт сирдэргэ сотору кэминэн уһун кэмнээх биир кэлим былааннары бигэргэтиэхтэрэ, 2035 сылга диэри.
This post was published on 05.12.2023 12:03 12:03