Тиксии оҕолоро байыаннай ырыалары ыллаатылар

Тиксиитээҕи маҥнайгы нүөмэрдээх оскуола алын кылаас оҕолоругар патриотическай иитиигэ аналлаах ырыа күрэҕин ыытта. Оҕолор бары бэрт тэрээһиннээхтик бойобуой, байыаннай ырыалары ыллаан дуораттылар.


Күрэҕи маҥнайгы кылаас кырачааннара аатырбыт «Катюша» ырыанан астылар. Ырыа кэнниттэн хоһоон ааҕан ньиргиттилэр. 3 кылаас оҕолоро «Идет солдат по городу» ырыаны бэрт чуолкайдык толордулар.

Түмүккэ бастакы миэстэни 3 уонна 1 кылаас оҕолоро үллэһиннилэр, 2 миэстэҕэ 2-с кылаас оҕолоро таҕыстылар уонна 3 миэстэни төрдүстэр ыллылар.

«Оҕолорбутун маннык патриоттуу иитиигэ, Ийэ дойдуларын историятын билэллэригэр кыра эрдэхтэриттэн үөрэтиэххэ наада. Оҕолорго бу түгэн умнуллубаттыы хаалыа«, — диэн оскуола дириэктэрэ Наталья Корякина санаатын эттэ.

This post was published on 29.02.2016 17:48 17:48