22 Сэтинньи 22.11
  • -31°
  • $ 100,68
  • 106,08

“Тиксии - Ньайба” маастар-былаана биһирэннэ

15:01, 21 мая
Текст:
Хаартыска: Саха Парламент саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Мунньах кэмигэр Саха Сирин тэҥэ, Чукуотка автномнай уокуругун, Архангелскай уобалас, Ненецкэй автономнай уокурук, Карелия, Коми өрөспүүбүлүкэлэрин тирэх нэһилиэнньэлээх пууннарын  маастар-былааннара көрүлүннүлэр.  Тэрээһини миниистири бастакы солбуйааччы Гаджимагомед Гусейнов салайан ыытта.

Саха Сирин маастар былаанын СӨ Бырабыыталастыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов билиһиннэрдэ уонна бу тэрээһин Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Владимир Путин 2023 сыл атырдьах ыйын 18 күнүнээҕи сорудаҕын толоруу быһыытынан оҥоһуллар диэн санатта.

Кини бу маастар-былааны хампаанньалар консорциумнарын иһинэн,  «Cибиирдээҕи урбанистика лабораторията» ХЭТ чопчу баһылаан-көһүлээн оҥорор диэтэ. Консорциум бэрэстээбитэллэрэ быйыл кулун тутар 1-4 күннэригэр Булуҥ улууһугар бу сири комплекснайдык анаалыстааһын чэрчитинэн нэһилиэнньэ ортотугар ыйытыгы оҥорбуттарын, ону тэҥэ муус устарга Тиксиигэ, Ньайбаҕа маастар-былааҥҥа сүрүн бырайыактары быһаарыыга анаан стратгическай сессиялары ыыппыттарын бэлиэтээтэ. Ол курдук, ыйытык түмүгүнэн маннык кыһалҕалар биллибиттэр: дьон олорбот дьиэтэ, инженернэй инфраструктура эргэриитэ, туттуллубут бөх, туһаттан тахсыбыт матырыйаал мунньуллуута, таһаҕаһы, пассажирдары таһыыга-тиэйиигэ логистика уустуга, экономиканы диверсификациялааһыҥҥа улахан ороскуот мэһэйдиирэ (куораттыы араас сиэрбистэр, олохтоох бородууксуйаны астааһын, батарыы, туризм инфраструктуратын сайыннарыы суоҕа).

“Тиксии билигин кыраныысса зоната, РФ Аартыкаҕа  национальнай куттала суох буолуутун, оборуонатын тирэх пууна. Маастар-былаан сүрүн бырайыага — Булуҥ улууһун Ньайба сэлиэнньэтигэр дириҥ муора пуордун терминалын тутуу”, — диэн туран, кини ордук  терминал таһаҕас баазатын быһаарыыга болҕомтону уурар наадатын  бэлиэтээтэ, ону кытта Булуҥ улууһугар аччыгый кыамталаах атомнай ыстаансыйаны тутуу, бу агломерация оройуонугар сир баайын хостооһуну саҕалааһын  былааҥҥа баалларын иһитиннэрдэ.

2040 сыллаахха Тиксии, Ньайба эҥэр нэһилиэнньэ ахсаана 1622 киһинэн эбиллэрэ, саҥа 1500 үлэ миэстэтэ тахсара, агломерация куораттааҕы баалабай бородууктата 2022 сыллааҕы 3,6 млрд. солкуобайтан 7,2 төгүл үрдээн 15, 2 млрд. солк. диэри тиийэ улаатара сабаҕаланар диэн бэлиэтээтэ, суруйда Саха парламент саайта.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА