22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Тиксии мусуойугар бу күннэргэ Владимир Гвоздюк быыстапката үлэлиир

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха Өрөспүүбүлүкэтин национальнай мусуойун Тиксиитээҕи салаатыгар кулун тутар 24 — муус устар 10 күннэригэр «Очарованный чудом» быыстапка үлэлиир. Россия худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, Протвинскайдааҕы художественнай оскуола преподавателя Владимир Гвоздюк үлэтэ историяны кэпсиир.

Талааннаах худуоһунньук Владимир Гвоздюк Булуҥ улууһугар биллэр киһи. Кини Тиксиигэ 18 сыл олорбута. Онон үлэлэрэ Уһук Хоту айылҕатын, кэрэтин, тулалыыр эйгэтин кытта сибээстээхтэр.

Владимир Еремеевич үлэтэ Хотугу муора суолугар, Өлүөнэ эбэҕэ, Хотугу муустаах акыйааҥҥа анаммыта. Полярнай ыстаансыйалар, туундаранан айан, моряктары, балыксыттары, табаһыттары, кытта алтыһыы — бу кини эйтэ буолар.

Хас биирдии хартыынатын суруйуута — кини Арктикатааҕы олоҕо.

Источник: @MyakArctici

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА