Тиксии быраастара үрүҥ эһэттэн эчэйбит киһини быыһаатылар

Булуҥнааҕы киин балыыһаҕа оптуорунньук күн илиитигэр-атаҕар, төбөтүгэр хас да сиринэн эчэйиилээх киһини аҕалбыттара. Быраастар адьырҕа кыылтан эмсэҕэлээбит эр киһини быыһаатылар.


Булуҥҥа үрүҥ эһэни кытта «күөн көрсүбүт» киһи олоххо иккистээн эргилиннэ, бу туһунан доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Тиксии быраастара суһал көмөнү оҥордулар, пациент туругун чөлүгэр түһэриигэ сыраларын уурдулар.
Бүгүн ыарыһаҕы салгыы хайдах эмтииргэ быһаарыы ылыахтара.

This post was published on 07.10.2020 10:44 10:44