Булуҥ оройуонун Тиксии бөһүөлэгин урукку баһылыга дуоһунастаах боломуочуйаларынан туһанан, бөдөҥ суумаҕа атын киһи баайын уорууга буруйдааҕынан биллиннэ. Суут уурааҕынан 5 сылга усулуобунайдык көҥүлэ быһылынна, диэн СИА кэпсиир.
«Чиновник муниципальнай дьиэни социальнай наймылааһыҥҥа бэйэтин кытары бииргэ олорор дьахатары кытары дуогабар түһэрсибит. Бу дьахтар олорор дьиэ усулуобуйатын тупсарыыга уочаракка турбатах. Ол түмүгэр, киниэхэ Тиксии бөһүөлэгэр икки хостоох кыбартыыраны болдьоҕо суох бас билиигэ биэрбиттэрин кэлин бэйэтин аатыгар көһөттөрбүт. Дьиэ докумуонун оҥоруу кэнниттэн бу дьон кэргэннии буолбуттар»,-диэн УФСБ пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдилэр.
Тиксии бөһүөлэгин дьаһалтатыгар 1,9 мөл. солк. кэриҥэ суумаҕа материальнай хоромньуну таһаарылынна, ону тэҥэ олорор дьиэ-уот усулуобуйатын тупсарыыга уочаракка турбут дьон бырааптара уонна сокуоннай интэриэстэрэ кэһилиннэ.
Маны таһынан, Тиксии урукку баһылыга бүддьүөт үбүттэн сэттэ төгүл уопсайа 750 тыһыынча солкуобай суумаҕа харчы уорбута биллэр.
Бириигэбэр үлэҕэ киирдэ.
This post was published on 28.09.2022 12:03 12:03