Бу сыл сэтинньитигэр Тиксиигэ олохтоох аэропортка көтөр аал олорор балаһата өрөмүөннэнэн бүтэр. Ол кэннэ сөмөлүөттэр түһүүлэригэр-тахсыыларыгар хааччахтар көтүрүллүөхтэрэ, СИА регион сүрүн пресс-сулууспатыгар сигэнэн суруйар.
Ил Дархан Айсен Николаев эппитинэн, балаһа арыллыыта көтүүлэр ахсааннарын элбэтиэҕэ, Москваҕа уонна Россия атын куораттарыгар быһа рейстар оҥоһуллуохтара.
«Реконструкция кэннэ регионнар ардыларыгар 1-2 кылаастаах сөмөлүөттэр көтүүлэригэр баар хааччахтар уһуллуохтара. Билигин 1400 м уһуннаах балаһа туттуллар. Тиксии- Москва хайысханан быһа көтүүлэр былааннаналлар», – диэтэ кини.
ВПП-ны сэргэ аэропорт өрөмүөннэнэр, 2023 сыл бүтүүтэ үлэ түмүктэниэхтээх. Тиксии аэропордун аэродрома РФ оборонаҕа министиэристибэтинээн кыттыгас. Тутууну РФ Уһук Илини сайыннарыыга министиэристибэтэ уонна Федерация Сэбиэтин федеративнай тутулга, регионнар бэлиитикэлэригэр, олохтоох салайыныыга, Федеральнай мунньах хоту дойду дьыалаларыгар кэмитиэтэ билистэ.
Хаартыска: Василий Кононов
This post was published on 26.09.2022 09:28 09:28