Тиийинэн олоруу саҥа кээмэйэ бигэргэннэ

Россияҕа орто хамнас — 12 792 солкуобай, тиийинэн олоруу кээмэйэ — 11 653 солкуобай.


Тиийинэн олоруу кээмэйэ урут кыбаартал аайы уларыйара, билигин — сылга биирдэ. Суума бородуукта сыанатыттан тутулуктанар буоллаҕына, 2021 сылтан хамнас орто кээмэйинэн ааҕыллар.

Тиийинэн олоруу алын кээмэйэ судаарыстыбаннай көмөнү анааһыҥҥа туһаныллар. Регион аайы бу суума араастаһар. Саха сиригэр — 17 721 солкуобай.

This post was published on 11.01.2021 14:01 14:01