Тиийинэн олоруу алын кээмэйэ үрдээтэ

Ыам ыйын 24 күнүгэр СӨ бырабыыталыстыбатын мунньаҕар социальнай хабааннаах боппуруостары көрүүгэ тиийинэн олоруу алын кээмэйин үрдэтиини көрдүлэр.


2016 сыл бастакы кыбаарталыгар тиийинэн олоруу кээмэйэ ааспыт кыбаарталтан 2,9% үрдээн, өрөспүүбүлүкэҕэ ортотунан 15 958 солк., үлэһит дьоҥҥо – 16824 солк., бинсийэлээххэ – 12756 солк., оҕолорго – 16591 солк. тэҥнэстэ. Хотугу улуустарга бу кээмэй 3 тыһ. солк. кэриҥинэн үрдүк. Холобур, бородууктаҕа туһанааччы корзината ааспыт сыл бүтэһик кыбаарталыттан 2,3% үрдээн, 7077 солк. тэҥнэстэ. Саамай сыаналаах корзина Зырянкаҕа – 9454 солк., саамай намыһах Нерюнгри куоракка баар эбит — 6484 солк. Оттон араас туттар табаарга сыана 2,8 % үрдээн, 3541 солк. тэҥнэспит. Өҥөнү оҥорууга – 3,8% үрдээн, 4245 солк. буолла.

Тиийинэн олоруу алын кээмэйин босуобуйалары, субсидиялары, чэпчэтиилэри, о.д.а. социальнай төлөбүрдэри ааҕарга туһаналлар.

Үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Александр Дружинин өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаалыттан 15 тыһыынча солкуобайы ылан туһаналларын көҥүллүүр туһунан сокуон барылын тула кэпсээтэ. Бу сууманы сыл устата биирдэ ылан тирээн турар кыһалҕаны быһаарарга туһаныахха сөп. Бу миэрэ сыл бастакы аҥарыгар бородууктаҕа, табаарга сыана үрдээбитинэн ылылынна. Сайабылыанньаны 2017 сыл кулун тутар ыйыгар диэри олорор сиргинэн социальнай көмүскэл отделларыгар тиксэриэххэ сөп.

Санатар буоллахха, ийэ хапытаалын дьиэ туттарга, атыылаһарга, өрөмүөннэнэргэ, оҕо үөрэнэригэр, эмтэнэригэр, тыа хаһаайыстыбатын тиэхиникэтин атыылаһарга, бэйэ хаһаайыстыбатын сайыннарыыга эрэ туттуохха сөп.

2016 сыл 1 кыбаарталыгар тиийинэн олоруу алын кээмэйэ
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн: Үлэлиир дьоҥҥо 16 824 солк.  Биэнсийэлээхтэргэ 12 756 солк. Оҕолорго 16 591 солк. Нэһилиэнньэҕэ 15 958 солк.

1 зона: хотугу улуустар (14 улуус) уонна Айхал бөһ., Удачнай к. Үлэлиир дьоҥҥо 19 506 солк.  Биэнсийэлээхтэргэ 15 074 солк. Оҕолорго 18 780 солк. Нэһилиэнньэҕэ 18 460 солк.

2 зона: Бүлүү умнаһын, киин, соҕурууҥҥу, илиҥҥи улуустар (20 улуус) уонна Дьокуускай к. Үлэлиир дьоҥҥо 16 509  солк.  Биэнсийэлээхтэргэ 12 476  солк. Оҕолорго 16 309 солк. Нэһилиэнньэҕэ 15 658 солк.

This post was published on 26.05.2016 14:43 14:43