Мэҥэ Хаҥалас улууһун Тиэлигитигэр бастакы каркаас мас хотону туттубут хаһаайын быһыытынан Родион Петров биллэр. 1981 сыллаахха 9 уонна 11 миэтэрэ туоралаах-усталаах хотонун тутан үлэҕэ киллэрэр. 2012 сыллаахха улууска биир бастакынан саҥа саҕалыыр бааһынай хаһаайыстыбаларга бэриллэр граны ылары ситиспитэ. 1,5 мөлүйүөн солкуобай суумалаах үбүнэн бааһынай хаһаайыстыба үлэтин саҕалыыр. Билигин кини үс араас боруода ынаҕы, ону тэҥэ сылгылары көрөр-харайар.
Тиэлиги олохтооҕо Родион Петров 24 сүөһүтэ быйылгы күөххэ үктэнэн сылдьаллар. Сэттэ ыанар ынахтаах. Ол иһигэр икки тиҥэһэтэ төрөөбүттэр. Амма Болугуруттан аҕалбыт истиэп кыһыл боруодата атыыр тамыйаҕа дьыллары-күннэри этэҥҥэ ааһан, сэттэтин туолбут.
Төрүөх биэрэн, оҕолоро тиҥэһэ сааһыгар тиийэн сылдьаллар. Икки атыыр оҕустааҕыттан биирэ симментал хааннаах, биирэ ол истиэп кыһыл боруодатын уола. Өссө икки кунаннаах. Истиэп кыһыл боруодата ынаҕы сирбэтэх, үүтэ үчүгэй диэн сыаналыыр.
– Сүөһүлэрим боруодаларынан симменталлар уонна истиэп кыһыл боруодалара, быыһылаан саха боруодата эмиэ баар, – диэн кэпсээтэ “Чуо Бытык” бааһынай хаһаайыстыба баһылыга. – Аҥардас сүөһүгэ эрэ тирэҕиримиэххэ диэммин, сылгылары эмиэ иитэбин. Биэс үөрдээхпин. Быйыл 8 убаһаны үс саастаах атыырга сыһыаран бэһис үөрбүн үөскэттим. Барыта 60-тан тахса сылгылаахпын.
Сылгытын базата Тиэлиги бөһүөлэгиттэн 16 килэмиэтирдээх Оччугуй Элэҥкэ диэн сиргэ баар. 1992 сыллаахха күрүөтүн-хаһаатын ситэрэн туппут. Икки көлүнэр, миинэр аттаах. Эбиэһин сүрүннээн Аллараа Бэстээхтэн урбаанньыт Кузьма Бурнашев маҕаһыыныттан уонна хантан көстөрүнэн атыылаһар. Сүүрүк аттарыгар, биллэн турар, эмиэ сиэтэр. Икки сүүрүктээҕиттэн биирэ ыраас хааннаах боруода, биирэ саха боруодата. 100-кэ куул бурдук кыстыкка уонна саас наада буолар.
– Былырыын от үүнүүтэ ортоһуор да буоллар, кыстыгы син туоратта, – диир Родион Анатольевич. – Быйыл халлаан туран биэрдэҕинэ, от ыйын 10 күнүттэн оттуу киирбит киһи диэн санаалаахпын. Бэйэм ходуһам 50-чэ гаа. Дьонтон 20-чэ гааны арендалаһабын. Улахан ходуһам Чыамайыкы диэки баар уонна Хочо, Амма Оломун диэки ходуһалардаахпын. Оппутун урулуоннуубут. Сүөһүлэр тиийэр сирдэриттэн эрдэ таһааччыбын. Саамай ырааҕым Чыамайыкы диэки 60 килэмиэтир буолар. Онтон оппун кыһын эрэ аҕалабын. Быйыл Наахара диэкинэн арендалаһабын. От үүнүүтүн орто соҕуһунан ааҕабын, былырыыҥҥытын курдук.
Петровтар 5 сүөһүнү туттубуттар. Улахан оҕуһу идэһэлэммиттэр, уоннааҕыларын аймахтарыгар, бииргэ төрөөбүттэригэр, чугас дьонугар тарҕаталлар.
Родион Петров оһорбо бааһына сирин туһаҕа таһаарар баҕалаах. Ол сирин күрүөлээри гынар эрээри, маһын кэрдэригэр докумуонун ылыыта кыайтарбакка сылдьар. 20-тэн тахса гаа бэлэмнэнэрэ буоллар бэйэтэ ыһыыланыахтаах. Күрүөтүн туттаҕына, аны, сирин оҥоруута, бурдугун ыстаҕына – нүөлсүтүүтэ, иннигэр элбэх сир үлэтэ күүтэр. Тиэхиньикэ эргэ да буоллар, баар. “Беларустаах”, “Тайшаннаах”, “Исекилээх”. Былырыын саҥа урулуоннууру атыыласпыт.
Родион Анатольевич уонна Екатерина Степановна 7 оҕолоох төрөппүттэр. Саамай улаханнара сүүрбэ иккилээх уол. Икки устудьуоннаахтар, саамай кыралара уоллаах кыыс. Родион Петров Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар кэтэхтэн үөрэнэн инженер-механик идэтин ылбыт. Тиэхиньикэттэн иҥнибэт киһи. Быһа холуйан 12 уонна 15 миэтэрэ туоралаах-усталаах гараас туттар баҕалааҕын этэр.
Боруода сүүрүгэ Ривер өрөспүүбүлүкэ таһымыгар биллэр ат. Кэккэ сыллардааҕы сүүрдүүлэргэ бастаан уонна бириистээх миэстэлэргэ тиксэн кэлбит сүүрүк. Уус Алдан улууһугар Бартыһаан Заболоцкай бирииһигэр сүүрдүүгэ бастаабыта биллэр. Мөҥүрүөн нэһилиэгэр сүүрдүүгэ – иккис, Хара нэһилиэгэр – үһүс, Нам улууһугар иккис миэстэлэри ылаттаабыт. Баайааччыта – эмиэ биллэр сылгыһыт, кымысчыт Гаврил Скрябин уола, Моорук ыччата – Станислав Скрябин. Быйыл эмиэ күүскэ бэлэмнэнээри гынан баран, ковид ыарыынан сибээстээн, от ыйын 6 күнүттэн баайыыларын тохтотон сылдьаллар.
Хаартыскаҕа: биллиилээх норуот эмчитэ Ирина Кузьминична Петрова уолун уонна кийиитин кытта.