Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ үүнэр сыл саҥатыттан бэлимиэн уонна халбаһы сыаната 20% үрдүүр диэн иһитиннэриини дьиҥэ суох диэтэ. Ол туһунан ТАСС-ка биэдэмистибэ пресс-сулууспата бигэргэттэ.
«СМИ-гэ тарҕаммыт бэлимиэн уонна халбаһы сыаната 20% үрдүүр диэн иһитиннэрии дьиҥэ суох. Ис ырыынак бу бородууксуйаларынан хааччыллан олорор, сыана биир тэҥ, уопсай инфляция эрэ быһыытынан хамсааһын баар», — суруллар иһитиннэриигэ.
This post was published on 05.12.2023 09:01 09:01