Быйыл 2023 сылга “Терпсихора бырааһынньыгар” 161 сайаапка киирэн, 1100-тэн тахса кыттааччы кэлэн кэрэ эйгэтин кэҥэттилэр, үтүөнү үксэттилэр, чөл – чэгиэн туругу туругуртулар. Манна кэлбит эрэ барыта туруулаһыы көмөтүнэн тургутууну ааста, бэйэтин көрдөрдө, атыттары көрдө. Кыттааччы сааһа 3-тэн саҕалаан 70-ну лаппа ааспыт араас көлүөнэ дьон.
Бу күннэргэ бииргэ буолартан бигэтийии, кытта буолартан кынаттаныы, айымньылаах үлэттэн астыныы тыына барыбытын түмтэ. Быйылгы сылга кэтэхтэн 27 кэлэктииптэн 224 киһи Таатта, Бүлүү, Сунтаар, Таатта, Амма, Чурапчы, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас, Нам, Горнай улуустарыттан, Мииринэй куораттан кытыннылар.
2023 сылга Булуҥ, Үөһээ Дьааҥы, Анаабыр, Өймөкөөн, Эдьигээн, Томпо, Кэбээйи, Ньурба, Бүлүү, Сунтаар, Таатта, Амма, Чурапчы, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас, Нам, Горнай улуустарыттан, Дьокуускай куораттан, кинини тула олорор Жатай, Маҥан, Марха, Пригороднай, Табаҕа, Хатас нэһилиэктэриттэн ким сөмөлүөтүнэн, оптуобуһунан, массыынанан, сатыы кэллилэр.
Бу куонкуруска уопуттаах даҕаны, саҥа даҕаны саҕалааччы бииргэлэр. Дьүүллүүр сүбэ сыаналыырын биир уратыта кинилэргэ баар биэдэмэскэ ансаамбыл, ансаамбыл салайааччытын аата суруллубакка үҥкүү уонна толорооччу аата суруллар.
Дьүүллүүр сүбэ үс күннээх үлэ кэнниттэн салайааччылары кытта төгүрүк остуолу тула кэпсэтиигэ уопсай санаалары кытта хас биирдии үҥкүүнү сиһилии ырыттылар. Ол бэлиэтээһиннэртэн быһа тардан кэпсээтэххэ, быйыл хаһааҥҥытааҕар да элбэх киһи кытынна уонна үөрүөх-көтүөх туһугар хаачыстыба өттүгэр эмиэ үрдээһин күүскэ баар диэн бэлиэтээтилэр. 107 үҥкүү кэлэктиибин таһынан солистар уонна аччыгый киэптээх (дуэт, трио) үҥкүүлэр хаһааҥҥытааҕар да үгүстэр – 32 соло, 2 трио, 17 дуэт үҥкүүлээтэ.
Үҥкүү туруоруллубут тиэмэтэ эмиэ олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсан экология, төрүт үгэстэр, айылҕа көстүүлэрэ уо.д.а. Саастаах дьон үҥкүүлэрэ баар буолан, көлүөнэ быстыспат ситимэ дьэҥкэтик көстөр. 25 сыл анараа өттүгэр бастакы куонкуруска 7 кэлэктиип кыттыбыт эбит буоллаҕына, быйыл 107 кэлэктиип кыттыбыта элбэҕи кэпсиир. Үбүлүөйдээх тэрээһини көрсө альбом – буклет оҥоһулунна, манна куонкурус историята баар, дьон санаалара баар, кыайыылаахтар тустарынан информациялар уонна методическай көмө быһыытынан икки үҥкүү суругунан быһаарыылаах уонна схеманан уруһуйдаммыта киирдэ.
— Текеянова Олимпиада, Горнай улууһа, Маҕарас нэһилиэгэ:
— Бу куонкурсу кытта тэҥҥэ үүнэбит-сайдабыт, кэҥиибит, дириҥиибит. Ситимнээх үлэ диэн баар буоллаҕына манна баар диэхпин баҕарабын, ситимнээх үлэ баар буолан, сайдыы-үүнүү, ааста диэн бырахпакка, урукку диэн умнубакка уурунан барытын сыа-сым курдук мунньунан уопут оҥостон, сыыһаны –халтыны көннөрүнүү, таба тайаныы кэлэр. Нэһилиэк таһымыттан норуоттар икки ардыларынааҕы таһымҥа тахсан баран, билиҥҥи үгүс элбэх уларыйыылаах-тэлэрийиилээх олоххо бэриммэккэ тигинэччи үлэлиир “Тускул” КК махталбыт улахан.
— Олимпиада Васильевна, үтүө тылларгар махтанабыт. Эн айар-тутар суолуҥ биир үтүө мааны уратыта эн үҥкүүлэриҥ куруутун ис хоһоонунан, толоруутунан, састаабынан даҕаны толорута буолар. Састаап толору диэҥҥэ пааранан толорутун тоһоҕолоон бэлиэтиэм этэ. Бу туһунан туох диэҥ этэй?
— (Мичээрдиир-ааптар). Кырдьык, мин хара маҥнайгы үлэбин саҕалыахпыттан ордук уолаттарга туспа эбэтэр хайаан даҕаны эр киһи састааптаах үлэлиирбин, айарбын-тутарбын сөбүлүүбүн. Бастыҥ үҥкүүлэрим кинилэрэ суох буолбаттар. Эр киһи көмүскээччи, ис туруктаах, хамсаабат акылааттаах, өһүллүбэт өһүөлээх, кини баар буоллаҕына санааҥ бөҕөргүүр, ураты туспа күүстээх салгын, турук кэлэр. Ону кыра эрдэҕиттэн иҥэрдэххинэ ол туругун хаһан да ыһыктыбат. Ити биирэ. Иккиһинэн Маҕарас нэһилиэгэ дойдбут, киэҥ нэлэмэн Сахабыт сиригэр спортивнай диэн эйгэҕэ эмиэ ураты, туспа, аатаах-суоллаах, суоллаах-иистээх нэһилиэгинэн биллэр. Ол аата кыахтаах, кыанар, быһый, күүстээх, имигэс дьоно элбэх. Бу эмиэ кырата суох оруолу оонньуур. Онтон кыыс оҕо үҥкүүтүгэр тус бэйэм санаам – кыыс оҕоҕо, кыргыттарга туруорар буоллахха, уһулуччу буолуон наада, тоҕо диэтэргин кэрэ аҥаар бэйэтэ айылҕатынан нарыны, намчыны уонна үҥкүүлүүр туругу төрүөҕүттэн тута сылдьар, ол да иһин буолуо кыргыттарга хара баһаам элбэх үҥкүү баар, онон ол үгүс элбэхтэн чорбойуоҕу баҕардахха уһулуччу буолуон наада.
Амма улууһуттан “Сир симэҕэ” РФ холобурбуолар ансаамбылын салайааччыта Ефимова Марианна:
— Биһиги Амма улууһуттан “Сир симэҕэ” РФ холобур буолар ансаамбыла “Терпсихора бырааһынньыга” бэстибээл – куонкуруһу эппитинэн-хааммытынан, өйбүтүнэн-санаабытынан билэбит, сыаналыыбыт, убаастыыбыт уонна ис сүрэхпититтэн махтанабыт. Бу куонкуруска мин бэйэм айар-тутар үлэлэрбин сүрэхтэтэлээбитим, күн сирин көрдөрбүтүм – “Очуос таас суруктара”, “Дириҥ үрэх”, “Күрүө дьөһөгөй” уонна үрдүк сыанабылы ылбыппыт. Ол кэннэ аан дойдуну кэрийэр аартыкпыт арыллыбыта. Инньэ гынан, Сахабыт сирин аатын аан дойду киэҥ уораҕайыгар доргуччу ааттатарга алгыстаах суолбут арыллыбыта. Бу бэстибээлгэ мин даҕан, оҕолорум даҕаны үөрэммиппит элбэх – араас ситуацияттан тахсыыга, хомуллуулаах буолууга, түмсүүлээх буолууга, бэйэ бодону хомуна сылдьарга уо.д.а. Биһиги “Терпсихора бырааһынньыгар” (араас састаабынан) икки төгүл муҥутуур кыайыылаах буолан, «Кылаан» бирииһи ылбыт умнуллубат өрөгөй түгэннэрдээхпит – 2004 уонна 2019 сылларга. Кэлиҥҥи сылларга тус бэйэм үҥкүүнэн кынаттанан айар суолбар атын ааны аһан, режиссураҕа киирэргэ холонуулары оҥоро сылдьабын. Онно үҥкүүлэри туруорууга үлэм хамсаабат акылаат уурбута чуолкай. Тапталлаах “Терпсихора бырааһынньыга” бэстибээлбит үйэ чиэппэрдээх үбүлүөйүнэн ис сүрэхпиттэн долгуйан туран эҕэрдэлиибин, сайдыыны-үүнүүнү баҕарабын.
Марианна Попова, Ньурба “Сулусчаан ансаамбыл” салайааччыта:
– Таптыыр эйгэбэр үлэлээбитим номнуо сүүрбэттэн тахса сыл буола охсубут эбит. Этэҥҥэ сырыттахха күнү дьылы билбэккэ хаалаҕын диэн кырдьык. “Терпсихора бырааһынньыга” бэстибээлбит номнуо үйэ чиэппэрэ буола охсубут диэн соһуйабыт ээ. Бу кэлиҥҥи сылларга тахсыбыт быһыы-майгы, балаһыанньа көрсүһүүбүтүн көҕүрэппититтэн, алтыһыыбытын аҕыйаппытыттан хомойо сылдьыбыппыт. Биллэн туран, хатастар онно олорон хаалбакка үлэни атын киэбинэн — кэтэхтэн диэн ыыппыттара, онно кыттыбыппыт, ол эрээри субу курдук тутуһан туран, көрсөн, кэпсэтэн-сэһэргэһэн, сүбэ-ама ылан сылдьар хас эмит төгүл ордук буоллаҕа дии. Дьэ онон олох үөрүүнү кытта хомунан-иминэн, оҥостон-симэнэн, саҥа үҥкүү туруоран кэллибит. Манна эйигин эрэ күүтэн олорбут курдук куруутун үөрэ көрсөллөр (мичээрдиир-ааптар), манна ааттаах суоллаах сүдү талааннаах дьоммутуттан санаалары, этиилэри истэбит, бэйэбитигэр түмүк оҥостобут.
“Терпсихора бырааһынньыга” үйэ чиэппэрин бэлиэтиир түбүктээх үлэтин түмүктээтэ. Дьон санаатын өссө эбии билиһэннэрэр буоллахха маннык:
— Үлэһиттэргэ улахан махтал, наһаа тэрээһиннээхтик үлэлиигит, хас киһи ыйытыытыгар холку сыһыан баар, өйдөнөр гына быһаараҕыт, тугу да болҕомтото суох хаалларбаккыт, бу эмиэ үчүгэй кэлэктииптээх буолан үлэҕит таһаарыылаах буолар буоллаҕа. Мин биир бэйэм олох төлөпүөнтэн түспэккэ тэрийээччилэртэн ыйытан сирдэтэн оҕолорбун кытыннардым, кыраларым эмиэ кыттан ситиһиилэнэн үөрүү, онон үлэһиттэргэ өссө төгүл улахан махтал өссө да куонкуруспут үүнэ-сайда турдун чэгиэн доруобуйаны баҕарабыт.
— Спасибо огромное за предоставленную возможность участвовать в таком масштабном конкурсе центру культуры “Тускул”. Организация на высшем уровне, за ссылки на каждый конкурсный день отдельное спасибо.
— Хорошо, что есть видеоматериалы, где мы сами хореографы можем оценить работу свою и своих коллег.
— Всем организаторам большое спасибо за хорошую организацию конкурса, за внимательность и терпение! Желаю вашему дружному коллективу творческого полёта, успехов, развития, а главное здоровья! Так же хотела бы отдельно поблагодарить координатора Иванову Дайаану, отлично встретила, предоставила гримерку, так же каждый день была на связи со всеми коллективами, проделала большую работу, желаю дальнейших успехов в работе .
— Оҕолорбутун итии аһынан аһатан, ыраас таҥаска утутан ийэлии нарыннык көрсүбүккэр «Күндээр» (Уус Алдан, Тумул) үҥкүү бөлөҕүн төрөппүттэрин аатыттан итии истиҥ махталбытын тиэрдэбит. Үлэҕэр ситиһиилэри, дьиэ кэргэҥҥэр ил, эйэ эҥэрдэстин. Дьоллоох соргулаах буол.
“Терпсихора бырааһынньыга” 2023 бэстибээл устуоруйатыгар түһүмэҕин сапта, “Терпсихора бырааһынньыга” 2023 саҥа түһүмэҕин арыйда – инники биһигини барыбытын саҥа үҥкүүлэр, сонун көрүүлэр, сыыһаны – халтыны ырытыы, атын суолу көрдөөһүн күүтэр Көрсүөххэ диэри, — диэн суруйда Хатастан Наталья Руфова.