Терактан эмсэҕэлээбит дьону өйүүргэ сокуон барылын киллэрдилэр

Хаартыска: Саха парламент саайта

Сокуон барылыгар кэккэ социальнай көмөнү киллэрдилэр, ол иһигэр биир кэмнээх харчынан төлөбүрү, толуйуу харчытын, хас да сыл төлөнөр социальнай көмөнү хаптылар. Ону таһынан, манна мэдиссиинискэй көмө, идэни уларытарга үөрэх, хос үөрэх киириэҕэ.

Терроризмы утарар билиҥҥи сокуон терактан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо социальнай көмө оҥоһулларын мэктиэлиир эрээри, харчы кээмэйэ чуолкайдамматах.

Дьиэ кэргэттэрин сүтэрбит дьоҥҥо хас да сыл тухары көмө харчы төлөнүөхтээҕин туһунан саҥа сокуон барылын бэлэмнээччи бэлиэтээтэ, суруйда Саха парламент саайт.

This post was published on 27.03.2024 14:01 14:01