Судаарыстыбаннай Дуумаҕа терактан эмсэҕэлээбит Арассыыйа олохтоохторун өйүүр туһунан сокуон барылын киллэрдилэр. Бу докумуону Судаарыстыбаннай Дуума бүддьүөккэ уонна нолуокка сис кэмитиэтин чилиэнэ Оксана Дмитриева көҕүлээтэ. Ол туһунан «Парламентская газета» иһитиннэрэр.
Сокуон барылыгар кэккэ социальнай көмөнү киллэрдилэр, ол иһигэр биир кэмнээх харчынан төлөбүрү, толуйуу харчытын, хас да сыл төлөнөр социальнай көмөнү хаптылар. Ону таһынан, манна мэдиссиинискэй көмө, идэни уларытарга үөрэх, хос үөрэх киириэҕэ.
Терроризмы утарар билиҥҥи сокуон терактан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо социальнай көмө оҥоһулларын мэктиэлиир эрээри, харчы кээмэйэ чуолкайдамматах.
Дьиэ кэргэттэрин сүтэрбит дьоҥҥо хас да сыл тухары көмө харчы төлөнүөхтээҕин туһунан саҥа сокуон барылын бэлэмнээччи бэлиэтээтэ, суруйда Саха парламент саайт.
This post was published on 27.03.2024 14:01 14:01