«Теплицаны кадастровай учуокка булгуччу туруоруохтаах үһүбүт» диэн кэпсэтии сайыҥҥыттан саҕаламмыта. Билигин эһиилги оҕуруот олордуутугар бу ыйытыы суолтата эмиэ улаатта. «Росреестр» эппиэтин @obyasnayemrf таһаарда.
«Росреестр» тэрилтэ быһаарбытынан, регистрация сайабылыанньаҕа олоҕуран толоруллар. Теплица кадастровай учуокка турбатах буоллаҕына, хаһаайын ыстырааптаммат. Маны сэргэ, элбэх хаһаайыстыбаннай тутуулар, ол иһигэр теплица, хайаан да регистрацияланаллара ирдэммэт. Холобур, каркастан таҥан, акылаата суох оҥоһуллубут теплица хамсаабат баай-дуол эбийиэгэр киллэриллибэт — манныгы регистрациялыыр наадата суох.
Оттон акылааттаах эбийиэги хаһаайын баҕатынан регистрацияланар.
Билиэххэ наада:
— тутуу 50 кв.м кыра иэннээх буоллаҕына, баай-дуол нолуогун төлөөбөт;
— иэн улахан буоллаҕына — нолуок төлөнөр. Суумата эбийиэк кадастровай сыанатыттан тутулуктаах. Налоговай ставка маннык түгэҥҥэ 0,1–0,3%.
Теплицаны таһынан, хаһаайыстыбаннай тутууга хаһаайыстыбаннай, бытовой, подсобнай капитальнай тутуулар киирсэллэр, сайыҥҥы астыыр сир уонна баанньык.
Гараж хаһаайыстыбаннай тутуу буолбатах, онон нолуок хайдах да түгэҥҥэ төлөнөр.
@obyasnayemrf
This post was published on 12.12.2022 16:01 16:01