Татьяна Юдинцеваҕа «Дьоруой ийэ» үрдүк ааты иҥэрдилэр

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан Саха сирин олохтооҕор Татьяна Юдинцеваҕа «Дьоруой ийэ» үрдүк аат иҥэрилиннэ, НВК Саха суруйар.

Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев Телеграмҥа иһитиннэрдэ.

«Татьяна Владимировна уонна Павел Васильевич 14 оҕолоохтор. Дьиэ кэргэн Нерюнгри оройуонун Иенгра сэлиэнньэтигэр олорор. Юдинцевтар бу иккис үрдүк таһымнаах наҕараадалара буолар. 2018 сылга РФ бэрэсидьиэниттэн «Төрөппүт Албан аата» («Родительская слава») уордьаны туппуттара. Татьяна Владимировнаны уонна кини улахан дьиэ кэргэнин маннык улахан наҕарааданы ылбытынан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин. Эһиги Саха сирин киэн туттуута буолаҕыт!», — диэн Ил Дархан Телеграмҥа суруйар.

This post was published on 24.10.2023 12:03 12:03