14 Сэтинньи 14.11
  • -19°
  • $ 98,37
  • 104,29

Татьяна Симакова. Дойдутун туһугар долгуйар суруналыыс этэ

12:00, 25 октября 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

2020 сыллаахха Бэчээт күнүн бэлиэтээһиҥҥэ Татьяна Васильева — Симаковаҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэчээтин туйгуна аат иҥэриллибитэ. Көр, кини онон хаһан да түөһүн тохсумматаҕа ээ. Төһө да правительственнай СМИ-ларга үлэлээтэр, сокуону, дьаһалы сырдаттар, ордук талааннаах дьон туһунан суруйарын сөбүлүүрэ. Дойдуну идэтигэр бэриниилээх, үлэһит дьон тутан олорор диирэ. Суруналыыс быһыытынан бэрт дэҥҥэ көстөр профессиональнай хаачыстыбалардааҕа: олоххо туспа көрүүлээх, ааҕааччыга тиийимтиэ гына икки тылынан суруйар уонна саамай сүрүнэ, киһини сатаан истэр сэһэргэһээччи  этэ. Ыйытыытын биэрэн баран истибэккэ эрэ атын тиэмэҕэ көһөрө охсор, киһи саҥатын быһа-быһа интервью ылар, онтон эн эппиккин атыннык эргитэн таһаарар «суруналыыс» элбээбит кэмигэр, ити сүүс киһиттэн бииригэр тиксэр дьоҕур.

Биһиги Васильева-Симакова Татьяналыын 1997 сыллаахха М.К.Аммосов аатынан Саха государственнай университет филологическай факультетын суруналыыстыка салаатыгар туттарсан үөрэххэ киириэхпититтэн билсэбит.  Кини үөрэҕин бүтэрээт, Дьокуускайга хаалан идэтинэн үлэлээбитэ. Бастаан СИА-ҕа корреспонденынан анаммыта. Тута олох оргуйар үөһүгэр киирэн, икки тылынан сонуннары быыстала суох сурукка тиһэн саҕалаабыта. Татьяна Симакова диэн псевдонимнанан, бэчээт эйгэтигэр биллэн барбыта.  Таня биир кэмҥэ  аэропорт тэрилтэтигэр пресс-сулууспаҕа үлэлээбитэ, онтон  «Ил Түмэн» парламент хаһыатыгар көспүтэ. Бу коллективын кини наһаа үчүгэйдик саныыра, үгүс кэмин кинилэри кытта атаарара.

2008 сыллаахха кэргэн тахсан, 2009 сыллаахха  икки кэрэчээн кыыс оҕоҕо күн сирин көрдөрбүтэ. Кыргыттара Кира, Лера ийэлэригэр икки өттүгэр кынат буолан, олоҕун үөрүүнэн, дьолунан толорбуттара.

2020 сыллаахха Таня урут үлэлээбит тэрилтэтигэр ЯСИА-ҕа эргиллибитэ. Урукку коллектива кинини үөрүүнэн ылыммыта. Сайт сахалыы таһаарыытыгар ыстатыйалары суруйан, тылбаастаан, редакциялаан, олоҕун тиһэх күнүгэр диэри үлэ үөһүгэр сырытта.

Билигин буола турар быһыыга-майгыга элбэх итэҕэһи ылыммат, онно хас биирдии киһи тус сыһыаннааҕын, уопсастыба бэйэтэ туохха да наадыйбат, ээл-дээл сыһыанынан буруйдааҕын бэлиэтиирэ. Саха сирэ тыйыс айылҕалааҕын, кытаанах усулуобуйалааҕын ааһан, олус атаҕастабыллаахтык олороруттан кыһыйара. «Биһиги оҕолорбут кэмнэригэр олох тупсуоҕа», — диир буолара.

Таняны чугас дьоно, доҕотторо, коллегалара бары олус элэккэй, эйэҕэс, үөрүнньэҥ киһи быһыытынан билэллэр.  Кыһалҕалаах да буоллаҕына кимиэхэ да ытаммакка, аа-дьуо быһааран-отоорон, туруоруммут сыалын ситиһэрэ.

Аҕыйах сылтан бэттэх, доруобуйатыгар улахан болҕомто ууран, велоспорду биһирээн, биир санаалаахтарын кытта түмсэн, сайын ахсын билисэпиэтинэн чугас да, ыраах да айаннарга сылдьар, айылҕалыын алтыһар буолбута.

Балаҕан ыйын 15 күнүгэр, эмиэ буоларын курдук, бэлэсэпиэтинэн айылҕаҕа тахсан киирэргэ быһаарыммыта.

Бу сырыыта бүтэһиктээх буоларын ким билиэ баарай?!

Олус соһумардык, күүппэтэх өттүттэн  Танябыт суол саахалыгар түбэһэн,  Орто дойдуттан букатыннаахтык күрэннэ. Танябыт, Симабыт сырдык кэриэһигэр хайаан да дьоһун кинигэ таһаарыахпыт дии сылдьабыт. Мантан аллараа бииргэ үөрэммит чугас дьүөгэлэрэ  тус санаабытын үллэстэбит.

Наталья Ефимова, СР Ил Дарханын инновационнай менеджменын оскуолатын үлэһитэ:

— Танька, Таню, 40 хонук ааста Эйигинэ суох. Санаабар, ханна эрэ ыраах барбыт курдуккун.  Эрийиэҕэ,  «Эфиргэ Таня таҕыста», — диэн ватсапка суруйаргын син биир сэмээр күүтэбин.

1997 с.  абитураҕа билсибиппит, күһүн бастакы лекцияҕа УЛК 7-ис этээскэ көрсүөхпүтүттэн эн-мин дэһэн, чугастык доҕордоһон кэллибит.  Таню саха группатын оҕолоруттан английскайы бэркэ билэр буолан, соҕотоҕун “продолжающай группаҕа” үөрэммитэ.  Ол иһин буолуо, нуучча уонна саха бөлөҕүн холбуур киһи кини этэ. Түргэн баҕайытык араас өйдөөх-санаалаах, майгылаах оҕолору бэйэтин тула түмпүтэ. Саамай түмээччи, тэрийээччи, тыл көтөҕөөччү куруук кини буолааччы.

Ньургуйаана Егорова, “Якутия24” информационнай ханаал шеф-редактора:

— Мин Танюбунаан 24 сыл билистим. Бу тухары биирдэ да кыыһырсыбыппыт, саҥата суох өһүргэнсиспиппит да суох. Университеккэ киирэн баран, тута доҕордоспуппут.  Танюбут ханна да олордун, киниэхэ штаб-квартираланар этибит. Оннук кини киһини бэйэтигэр тардар, ыалдьытымсах, аһаҕас, элэккэй эбит.  Устудьуоннуу сылдьан НВК боруогун 1998 сыллаахха долгуйа атыллаабыппыт. Ыччат ханаалыгар Танюбунаан «КЭС» (Култуура Эйгэтиттэн Сонуннар) диэн кыттыгас рубрикаламмыппыт.  Онтон ыла бу сыллар тухары сиэттиспитинэн үгүс киинэҕэ, кэнсиэргэ, испэктээххэ сырыттахпыт буолуо. Улахан премьералары баҕас биири да көтүппэтэх буолуохтаахпыт. Эрдэттэн «ол киинэ кэлэр үһү, бу киинэ тахсар үһү» диэн былааннанабыт. Миэхэ киинэҕэ кимниин барабын диэн ыйытыы хаһан да турбатаҕа. Улахан премьераны «Ленаҕа» көрө сатааччыбыт, сөбүлүүр кинотеатрбыт. Танюлуун иккиэн неформальнай соҕус хайысханы сөбүлүүр эбиппит, киинэҕэ эмиэ биир жанры биһириибит. Уонна, арааһа, биир да саха киинэтин көтүппэтэхпит буолуо. Бу бүтэһигин «Сураҕа суох…» киинэҕэ сылдьыбыппыт. Кини ити киинэ туһунан сайтыгар таһаарбыт этэ уонна тута «Ньукку, бу киинэҕэ барыахха» диэбитэ. Ол инниттэн түүҥҥү сулустаах халлааны көрүөхпүн баҕарабын диэн, Наташкалаахпытын кытта ол чэппиэр киэһэ киинэ кэнниттэн мырааҥҥа тахса сылдьыбыппыт. Ким билиэ баарай дьүөгэбитин биир нэдиэлэнэн сүтэрэрбитин!

Кини курдук үтүөкэн, киэҥ-холку, сымнаҕас, үөрүнньэҥ майгылаах, доҕотторугар үчүгэйи эрэ баҕарар, биир да киһиэхэ куһаҕаны оҥорботох, үөҕэн саҥарбатах киһи аҕыйаҕа буолуо. Дьылҕабар Таню курдук истиҥ дьүөгэни бэлэхтээбитигэр махтаныах эрэ тустаахпын.

Марианна Тарасова, “Якутия24” информационнай ханаал директора:

— Таня биһигиттэн барыбытыттан ураты элэккэй, киһи киһитэ этэ. Мэлдьи үөрэн сэгэйэ сылдьар дьүөгэбит майгытынан чахчы бастыҥмыт. Бука барыбытын сомоҕолуур, түмэр тутаах киһибит буолааччы. Хас биирдиибит бүччүм кистэлэҥин эбэһээт маҥнайгынан Таняҕа арыйан кэпсээбит буолааччы. Билбитин-көрбүтүн тута үллэстээччи, туһаныахтара диэн сүбэ-соргу тутааччы. Бэйэтэ бириэмэни да, харчыны да олус сөпкө тыыран туһанарыттан сөҕөр этим. Олус активнай, чөл куттаах, чэгиэн туруктаах элбэҕи айыахтаах-тутуохтаах хаарыан киһибит оһолго түбэһэн кэрэгэй дьылҕаламмыта олус курус.

Анастасия Попова, ФСО кадровай отделын специалиһа:

— Бииргэ үөрэммит дьүөгэм, биир дойдулааҕым Таню, Танька күөгэйэр күнүгэр сылдьан орто дойдуттан суол саахалын түмүгэр олоҕо быстыбыта олус да абаккалаах. Саамай кэрэҕэ-үтүөҕэ, чөл олоххо тардыһар, тумус туттар  киһибит Таню этэ.  Ханнык да балаһыанньаҕа куруук сураһар, хайдаххыный диэн ыйытар, барыбытыгар наһаа да болҕомтолоох, ураты сыһыаннаах эбит. Танюбут  сиргэ кэлбит аналын кылгас кэмҥэ чиэстээхтик толорон, үлэтинэн, майгытынан сырдык өйдөбүлү хаалларда. Икки кэрэчээн кыргыттара олорботох олоҕун ситэри олоруохтара, киһи киһитэ буолуохтара диэн эрэнэбит.

Галина Полускина, Тыараһатааҕы Л.Н.Турнин аатынан «Алгыс» норуот айымньытын дьиэтин уус-уран салайааччыта:

— Биһиги кууруска бары эйиэхэ тардыһар этибит. Өрүү аһаҕас мичээрдээх, барыларын кытта эйэҕэстик кэпсэтэр, хайдах эрэ өрүү сэгэччи, сэргэхтик тутта-хапта сылдьар этиҥ дии.

Эн ханна олорор сириҥ, ол түмсэр баазабыт буолара дии. Ырааҕыттан, чугаһыттан тутулуга суох. Өрүү эйиэхэ… Элбэхтэ күн тахсыар диэри сэлэспиппит, быар быстыар диэри күлсүбүппүт, быыһыгар ытаспыппыт да буолуо. Биир иһиттэн аһаан, биир ороҥҥо элбэхтэ утуйан…

Наһаа элбэҕи кэпсэтэр этибит дии. Чугас дьоммутуттан саҕалаан, Голливуд сулустарын олоҕор тиийэ… Эн наһаа элбэҕи ааҕар, билэр-көрөр, үөрэтэр, үөрэнэр, өрүү “в тренде” буолааччыгын…

Спектакль, киинэ премьералара, быыстапка арыллыыта, саҥа кинигэ Эн болҕомтоҕуттан куоппат этилэр. Эн биһиэхэ «сир түннүгүн» кэриэтэ, элбэҕи билэн-көрөн кэпсиириҥ, санааҕын үллэстэрин. Бу күһүн Сайа «Уйгур» кинигэтин ааҕан, олус сэргээбиккин, «ааҕаарыҥ» диэн сүбэлээбиккин өйдүүбүн.

Эн уһун олоҕу олоруохтаах этиҥ… Саамай доруобуйатын көрүнэр, аһын-үөлүн анаан талар, туһааннаах информацияны ааҕар, тускар туһанар киһибит…

Сардаана Эверестова, Н.А. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан “Кэскил” оҕо издательствотын цифровой трансформация отделын консультант-редактора:

Таню Аан дойдуга, республикаҕа, Дьокуускайга туох буола турарын билбит-көрбүт, олох оргуйар үөһүгэр сылдьан, наадалааҕы, туһалааҕы, суолталааҕы хайаан да бэлиэтии көрбүт, сэҥээрбит буолара. Киһини сатаан истэр киһи сэдэх ээ.  Эн кыһалҕаҕын өйдүүр, тугу этэ сатыыргын болҕомто ууран истэр,  онтон сэмэлээбэккэ, күлүү-элэк гыммакка, бэрт судургутук быһаарар, баттык оҥостубут  санааҕын чэпчэтэр, үтүө сүбэтинэн алы гынар буолара.

Бэриллибит кэмчи кэмҥэр идэҕэр бэриниилээхтик үлэлээтиҥ, үтүө доҕор, истиҥ ийэ буолан Орто дойдуга сиэрдээхтик олорон аастыҥ. Икки кэрэчээн кыргыттарыҥ олоххун салгыыллар. Бэйэҥ кэннигиттэн ыччат хаалларбыккыттан биһиги үөрэбит, онон уоскутунабыт.

Саха государственнай университетын ОЖ-97 салаатыгар бииргэ үөрэммит дьүөгэлэрэ

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА