Татьяна Шкулева: Арктика кытылыгар былыргыттан олорор нууччалар эмиэ аҕыйах ахсааннаахтарынан буолаллар

Арктика кытылыгар былыргыттан олорор нууччалар Хоту дойду, Сибиир уонна Уһук илин аҕыйах ахсааннаах төрүт  норуоттарын федеральнай кэрискэтигэр киирэри туруорсаллар. Бу туһунан “Русскоустьинцы” уопсастыбанай тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ Татьяна Шкулева кэпсээтэ.


“Саха сирин Хоту дойду аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын иһинэн Арктика кытылыгар былыргыттан олохсуйбут нууччалар уопсастыбаннай тэрилтэлэрэ Аллараа Халыма оройуонун Походскай сэлиэнньэтигэр уонна Аллайыаха оройуонун Русскай Устье сэлиэнньэтигэр бааллар. Уопсастыбаннай тэрилтэни бастаан биллиилээх кыраайы үөрэтээччи Алексей Чикачев салайбыта», — диэн кэпсээтэ Татьяна Шкулева.

Бүгүн бу түмсүүнү Иннокентий Новгородов салайар.

“2010 с. “Русскоустьинцы” уопсастыбаннай тэрилтэ тэриллибитэ, маны билигин мин салайабын. Бүгүн Русскай Устьеҕа — 150, Чокурдаахха  50, Дьокуускайга -45 киһи олорор. Биһиги Улуу Новгороды кытта култуурунай сибээһи олохтоотубут, тоҕо диэтэххэ, өбүгэлэрбит бу былыргы куораттан төрүттээхтэр. Национальнай көстүүмнэри тиктибит, былыргы төрүт олохтоох нууччалар тустарынан биэс кинигэни таһаардыбыт. Түөрт граҥҥа киирсэн, олоххо киллэрдибит”.

Татьяна Шкулева  Арктика кытылыгар былыргыттан олорор нууччалар Хоту дойду, Сибиир уонна Уһук илин аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын федеральнай кэрискэтигэр киирэри туруорсаллар.

This post was published on 22.03.2018 11:11 11:11