Тас сибээскэ миниистир: Саҥа ыйаах аан дойду ырыынагар бигэтик үктэниигэ көмөлөһүөҕэ

Өрөспүүбүлүкэ экспортка хайысхалаах тэрилтэлэригэр саҥа кыахтар арыллыахтара. Бу туһунан тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар миниистир Гаврил Кириллин СИА-ҕа эттэ.


«Уһук Илини сайыннарыыга социальнай-экономическай национальнай бырагыраамаҕа Саха сиригэр оҥоһуллан тахсар табаардар уонна өҥөлөр аан дойду ырыынагар бэйэлэрин миэстэлэрин булалларыгар суолу арыйар тэрээһиннэр киллэриллэллэригэр эрэллээхпин», — диэтэ миниистир Гаврил Кириллин.

Бэлиэтиир буоллахха, ыйаах РФ бырабыыталыстыбата Уһук Илини 2024 сылга диэри сайыннарыы национальнай бырагырааматын бигэргэтэригэр сорудахтыыр. Манна бастатан туран, экономиканы тупсарыыга, ол иһигэр экспортка хайысхалаах салаалар, киллэриллиэхтээхтэр.

This post was published on 29.06.2020 10:01 10:01