Бу ый 14 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай, Арассыыйа Федерациятын үтүөлээх артыыһа, Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо Афанасий Дмитриевич Афанасьев үбүлүөйдээх 60 сааһын бэлиэтиир «Тапталлаах Тааттабар» кэнсиэр Ытык-Күөлгэ, Былатыан Ойуунускай аатынан Тааттатааҕы норуодунай тыйаатырга үрдүк таһымнаахтык, өрө көтөҕүүлээхтик, улахан үҥкүү бырааһынньыга буолан ааста.
Кэнсиэри Норуоттар икки ардыларынааҕы уонна Арассыыйатааҕы күрэхтэр лауреата, ырыаһыт, хомусчут Василена Шарина иилээн-саҕалаан ыытта.
Улахан, үөрүүлээх тэрээһини Үҥкүү тыйаатырын уус-уран салайааччыта Светлана Бессонова туруоруутугар «КүҺүн» композиция аста. Афанасий Дмитриевич биир бастакы партнершата Саха судаарыстыбыннай үҥкүүтүн ансаамбылын солистката, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Лена Ноговицына уонна Афанасий Афанасьев эдэр саас тапталын кыыма умнуллубатын, иэйиилээн сыһыан күндүтүн үҥкүүнэн көрдөрдүлэр. Көрөөччү үҥкүү саҕаланыаҕыттан быыстала суох ытыһын тыаһа тохтообокко таһынна.
Саха профессиональнай үҥкүү ансаамбылын уонна Үҥкүү тыйаатырын төрүттээччитэ, маҥнайгы уус-уран салайааччыта, Арассыыйа ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа Геннадий Баишев туруорбут «Сахам кыыһа» диэн үҥкүүнү 1981 сыллаахха туруорбута. Лена Ноговицына уонна Афанасий Дмитриевич ити нүөмэр биир бастыҥ толорооччулара этилэр. Бу үҥкүү 40-тэн тахса сыл тыйаатыр репертуарыттан түспэт, хас да көлүөнэ үҥкүүһүттэр толороллор, көрөөччү билиниитин ылыан ылбыта, Арассыыйа араас муннуктарыгар уонна Аан дойду устун тэлэһийэ көрдөрүллүбүтэ, күөх экрантан түспэт этэ. Таатта норуодунай тыйаатырын сценатыгар эдэр үҥкүүһүттэр Светлана Чирикова уонна Эдуард Жирков бэрт чэпчэкитик, ис киирбэхтик толордулар. Көрөөччүлэр үөрүүлэрэ муҥура суох.
Афанасий Афанасьев үҥкүүгэ бастакы хардыыта «Дружба» оҕо үҥкүүтүн ансаамбылыттан саҕаламмыта. Бастакы учуутала, үҥкүүгэ уһуйааччыта Учууталлар Учууталлара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэҺитэ Августина Федоровна Клакинова. Билигин бу кэлэктииби Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Валентин Козлов салайан илдьэ сылдьар. Кини туруоруутугар “Дружба” кэлэктиип толоруутугар “Талах курдаах Таатта уолаттара” диэн биир бастын үҥкүүлэрин толордулар.
Эдуард Жирков тыйаатыр эдэр үҥкүүһүтэ. Бэйэтэ ис иһиттэн баҕалаах, талааннаах,туспа суоллаах-иистээх, үҥкүү туруорар дьоҕурдаах. Үбүлүөйдээх кэнсиэргэ кини туруоруутугар үҥкүүһүт Валентина Аммосовалыын «Истиэп үөрүүтэ» монгол норуотун үҥкүүтүн бэрт чаҕылхайдык үҥкүүлээн-дьигиһитэн көрдөрдүлэр. Көрөөччүлэр дэлби махтананнаар «Браво, браво, браво!» хаһыыны тохтообокко эттилэр.
2006 сыллаахха Светлана Бессонова сахаллыы «Дэйбиирдээх үҥкүү» диэн үҥкүүнү солистка Валентина Аммосоваҕа анаан туруорбута. Эл кэннэ ити үҥкүүнү Москубаҕа, Санкт-Петербурга, гастуруолларга элбэхтик көрдөрбүттэрэ. Бу дьоро, Афанасий Дмитриевич мааны киэһэтигэр тыйаатыр солистката, Норуоттар икки ардыларынааҕы күрэх лауреата, тыйаатыр инники эрэлэ Саина Винокурова толордо.
1999 сыллаахха тыйаатыр бастакы састаабын 7 үҥкүүһүттэрэ айар үлэлэрэ 20 сылыгар анаан “Наш путь длиною 20 лет» диэн ааттаах бэрт улахан үҥкүү киэһэтин көрөөччүлэргэ бэлэх ууммуттара. Ол тэрээһиҥҥэ Москуба балетмейстера Иван Фадеев «Смотрины» (Кыыс көрүүтэ) диэн көрүдьүөс, күлүүлээх үҥкүүнү туруорбута. Бу композицияны араас көлүөнэ үҥкүүһүт кыргыттара бэрт үрдүк таһымнаахтык толорон кэллилэр. Арай сүрүн эр киһи Күтүөт оруолун соҕотох Афанасий Дмитриевич – улахан маастар кини эрэ толорор.
Афанасий Дмитриевич уол оҕото барахсан бэрт элбэх доҕоттордоох-атастардаах. Онтон биирдэстэрэ “Кайро Мираж” Норуоттар икки ардыларынааҕы күрэх лауреата Изабелла Егорова беллиданс биил үҥкүүтүн наһаа чаҕылхайдык толордо. 1976 сыллаахха Августина Клакинова Лаура Новгородоваҕа уонна Афанасий Афанасьевка сахалыы бастакы “Якутяночка” бальнай үҥкүүнү туруорбута. Ити үҥкүүнү Магадаҥҥа ыытыллыбыт бальнай үҥкүү күрэҕэр Лаура уонна Афанасий ситиһиилээхтик толорон лауреат үрдүк аатын ылары ситиспиттэрэ. Үбүлүөйдээх кэрэ киэһэтигэр Афанасий Дмитриевич партнершатынаан Лена Ноговицынаан “Якутяночканы” ытыс тыаһын доҕуһуолунан толордулар.
Хомус дьиктилээх дорҕоонун, сыыйа тардыыны Василена Шарина таһаарда. Афанасий Дмитриевич ийэтигэр Мария Алексеевнаҕа таптала, махтала муҥура суох. Бу кэнсиэргэ кини сырдык аатын санаан «Ийэбэр махтал» ырыаны Афанасий иэйэн-куойан, дууһатын ууран туран толордо. Биир дойдулаахтара, Мария Алексеевнаны санаан, ахтан, долгуйан тэҥҥэ ыллаһа олордулар, тохтообокко ытыстара хабыллыан диэри таһыннылар.
Быйыл Санкт–Петербургтан аатырбыт Эйфман Балетын хореографа Олег Марков Үҥкүү тыйаатырыгар «Ситим» диэн испэктээги туруорбута. Бу балекка Афанасий Дмитриевич Ойуун уобараһын толорбута. “Тапталлаах Тааттабар» кэнсиэркэ Саина Винокурова уонна Николай Павлов дуэт үҥкүүтүн быһа тардан көрдөрдүлэр. Дьон-сэргэ сөҕөн, артыыстар толоруулара үрдүгүн көрөн, БРАВО, БИС диэн махталларын биллэрдилэр.
1993 сыллаахха Саха тыйаатырыгар Андрей Борисов «Танцплощадка» диэн испэктээгэр Афанасий Афанасьев ретро үҥкүүлэри туруорбута. Ол кэмтэн бүгүҥҥү күҥҥэ дылы Афанасий Афанасьев «Ретро үҥкүү» диэн авторскай бырагырааммата дьон кутун, билиниитин ылыан-ылла, тыһыынчаттан тахсата көрдөрүлүннэ. Үбүлүөйдээх киэһэтигэр Афанасий Дмитриевич эдэр артыыстары кытары “Ламбада”, “Шейк”, “Мамбо”, “Твист”, “Летька-Енька” 60-70-80-90 сылларга муодунай үҥкүүлэри бэрт имигэстик, чаҕылхайдык толордулар.
Түмүккэ улахан кэнсиэр бары кыттыылаахтара бука бары “Тааттаҕа» ырыа муусукатыгар флешмобунан үҥкүүлээтилэр. Бу улахан үҥкүү түһүлгэтигэр Таатта улууһун үҥкүүтүн бөлөхтөрө «Кылыыҥкай», «Алдаана», “Далбарай», “Мичийэ”, “Алаас Күбэйэ”, “Дьол көлүччэтэ”, “Сардаана”, “Саһарҕа” идэтийбфт артыыстары кытары тэҥҥэ кыттаннар дьоллоро, үөрүүлэрэ-көтүүлэрэ үксээтэ
Үбүлүөйдээх кэнсиэр кэнниттэн Үҥкүү тыйаатырга Ытык-Күөлтэн куйаар ситиминэн бэрт элбэх махтал тыллара, суруктара киирэ тураллар. Онтон биирдэстэрэ, Арассыыйа үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, СӨ үөрэҕитриитин бочуоттаах бэтэрээнэ Григорьева Л.Е: “Алтынньы 14 күнүгэр Ытык-Күөлгэ наһаа үчүгэй тэрээһиҥҥэ сырыттыбыт. Афанасий Дмитриевич Афанасьев 60 сааһын бэлиэтээтэ. Дьоно-сэргэтэ үөрэ-көтө көрүстэ. Киһи сөҕүөх курдук Афанасий Дмитриевич билигин даҕаны тутта-хапта сылдьара, сценичнайа, артистичнайа сөхтөрдө. 60 саастаахпын диэбэккэ наһаа чэпчэкитик үҥкүүлээн бар дьонун үөрүүтүн ылла. Кэнсиэри көрбүт киһи бука бары хайҕаата. Онон биһиги таатта олохтоохторо махталбытын биллэрэбит. Биһигини дэлби сэргэхситтэ. Өссө биһиги эдэр сылдьан үҥкүүлээбит үҥкүүлэрбитин көрдөрөн артыыстары кытары тэҥҥэ тэйиэккэлии олордубут. Ону тэҥэ биһиги соһуйуохпутун Изабелла Егоровна Арабскай биил үҥкүүтүн толордо. Итинник да быһыылаах-таһаалаах киһи үрдүк сценаҕа тахсан үҥкүүлүүр эбит диэн көрдөрдө. Уонна биһиги саамай долгуйбуппут Афанасий бэйтин ийэтигэр анаан, ырыаһыта да суох буоллар “Ийэбэр махтал” ырыаны ис сүрэҕиттэн толорон биһиги эмиэ Мария Алексеевнаны санаан, долгуйан ыллыбыт. Норуот үҥкүүһүтэ бэйэтин кытары илдьэ кэлбит, сэргэх кэрэ үҥкүүһүттэрэ эчи чэпчикэлэрин, дыгыйа сылдьаллар, бу үҥкүү абылаҥар киирбит эдэр ыччат, профессионаллара илэ көстөр. Хас биирдии туттуулара-хаптыылара, сирэйдэрин-харахтарын олорооһуна, үҥкүүгэ бэриниилээх буолаллара көстөр. Онон биһиги эдэр ыччаппыт наһаа үҥкүүһүттэрэ наһаа сэргэҕин, наһаа сэмэйин көрөммүт биһиги олус үөрдүбүт. Уопсайынан, Тааттаҕа өтөрүнэн буолбатах дьоро киэһэ буолла. Чахчы Таатта сирэ Олоҥхо эрэ дойдута буолбатах. Былатыан Ойуунускай этэн турардаах: “Таатта үҥкүүһүттэрэ Олоҥхоҕо киирдилэр диэн, дьон сөҕө-махтайа саҥа аллайбыт. Ол курдук Таатта сириттэн бу аныгы кэм үҥкүүһүтэ Афанасий Афанасьев бэйэтин төрөөбүт Тааттатын, дойдутун саарга ааттатта. Киниэхэ баҕарыа этим айар үлэтигэр уонна тус олоҕор улахан дьолу-саргыны”.
Афанасий Дмитриевич үбүлүөйдээх дьоро киэһэтэ үөрүүлээх быһыыга майгыга ааспытыгар ис сүрэҕиттэн Үҥкүү тыйаатырын салалтатыгар уонна үлэһиттэригэр, үҥкүүһүттэргэ Валентина Аммосоваҕа, Эдуард Жирковка, Саина Винокуроваҕа, Светлана Чириковаҕа, Саяна Егороваҕа, Николай Павловка, Сарика Шин, биллэрээччи Василена Шаринаҕа, звукорежиссер Алексей Спиридоновка, суоппарга Василий Филипповка, администратор Уйдара Яковлеваҕа, Таатта улууһун үҥкүү кэлэктииптэригэр сиртэн халлааҥҥа дылы барҕа махталын биллэрэр.
Дьэ, ити курдук “Тапталлаах Тааттабар” үҥкүү куттаах, үҥкүү дьылҕалаах Афанасий Дмитриевич Афанасьев үбүлүөйдээх дьоро киэһэтин кэнсиэрэ биир тыынынан ааста. Көрөөччүлэр өргө дылы барбакка махтанан артыыстары кытары алтыһан, кэпсэтэн-ипсэтэн, хаартыскаҕа түһэн, үөрэн-көтөн тарҕастылар.
Вера Черноградская