От ыйын 5 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһугар «Таммахтар» литературнай холбоһук 45 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир ыһыаҕа Ураһалаах алааһыгар бэрт тэрээһиннээхтик буолан ааста.
Народнай бэйиэт Иван Мигалкин салалтатынан Дьокуускайтан Россия суруйааччыларын союһун чилиэннэрэ «Чолбон» сурунаалтан Иван Осипов-Уйбаан Ойуур уонна «Полярная звезда» сурунаалтан Ираида Попова ыҥырыллан тиийэн кыттыыны ылан, улаханнык сэргэхситтилэр.
Уран тыл алыбар ылларбыт улуу сайар куттаахтарын ыһыаҕа истиҥник ааста, сиэр-туом тутуһулунна. Мустубут дьону Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Иван Птицын, Култуура уонна духуобунас сайдыытын салайааччытын солбуйааччы Надежда Максимова, «Эркээйи» хаһыат эрэдээктэрэ Алена Докторова уонна улуус киин библиотекатын сэбиэдиссэйэ Елизавета Корнилова итиитик-истиҥник эҕэрдэлээтилэр, бастыҥ олохтоох ааптардарга бэлэх-туһах туттардылар. Сүрдэрэ көтөҕүллүбүт «Таммахтар» литературнай холбоһук чилиэннэрэ бэйэлэрин хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдилэр, айымньыларын быыстапкатын көрдөрдүлэр. Ыалдьыт суруйааччылар айар үлэ туһунан кылгастык билиһиннэрдилэр, эдэр ааптардарга анаан сүбэ-ама биэрдилэр. Народнай бэйиэт Иван Мигалкин суруйуу диэн ыарахан идэ буоларын этэн туран, саха литературата сайдарын туһугар дьаныһан дьарыктаныы ирдэнэрин ыйда.
«Таммахтар» литературнай холбоһук салайааччыта Августина Владимирова улуус дьаһалтатын баһылыга Николай Старостин айар дьону өйүүр, тирэх буолар түгэнэ элбэҕин бэлиэтээтэ, Петр Ефремов уонна кини дьиэ кэргэнэ Моҕол ураһалары сууйан-тараан, көрөн-истэн бэлэмнээн биэрбитигэр махтанарын биллэрдэ.
«Таммахтар» ыһыахтара табылынна.
Ураһаларга суруйааччылар илии баттааһыннаах кинигэлэрин атыылааһын, «Көҥүл микрофон» түһүлгэҕэ бэйэ хоһоонун ааҕыы көхтөөхтүк барда, ырыа-тойук, оһуокай дуораһыйда. «Таммахтар. Айар куттар алтыһыылара» диэн кинигэ сүрэхтэниитэ истиҥник, долгутуулаахтык ааста.
This post was published on 06.07.2016 18:16 18:16