«Таммахтар. Айар куттар алтыһыылара» литературнай холбоһук саҥа кинигэтэ

Мэҥэ-Хаҥалас улууһунааҕы «Таммахтар» литературнай холбоһук тэриллибитэ 45 сылын туолла. Бу сыллар усталарыгар холбоһук чилиэннэрэ улуустарыгар айар дьоҕурдаах дьону түмтүлэр, кинигэлэри таһаардылар, улуустары кытта сибээстэрин хаҥаттылар.


СӨ үөрэҕирии туйгуна, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, 2008 сылтан холбоһугу салайар Августина Владимирова 1971 сыллаахха «Таммахтар» литературнай холбоһугу оройуон оччотооҕу «Ленинскэй знамя» хаһыатын иһинэн, эрэдээктэр, СӨ култуура үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Бэчээт туйгуна Иван Брызгалов тэрийбитин бэлиэтиир. Кэккэ сылларга РФ Суруйааччыларын сойууһун чилиэннэрэ Иван Сысолятин, Иннокентий Сосин, Константин Сосин өрө көтөҕүллүүлээхтик салайбыттар. 1991 с. «Сырдык ыра», 2002 с. «Таммахтар» сырдык ыралара» диэн хомуурунньуктары Майаҕа бэчээттэппиттэр. 2011 с. Дьокуускайга «Көмүөл» кинигэ кыһатыгар таһааттарбыт «Таммахтар» Саҥа сүүрээннэр» диэн холбоһук 40 сылыгар анаммыт хомуурунньуктарыгар 80 ааптар айымньыта киллэриллибит.

«Быйылгы бэлиэ сылбытыгар аныыр «Таммахтар. Айар куттар алтыһыылара» хомуурунньукпутугар холбоһукка араас кэмнэргэ дьарыктаммыт, дьарыктанар уонна саҥа суруйан эрэр ааптардарбыт, айар үлэҕэ холонооччулар итиэннэ Майаҕа «Үһүс көлүөнэ оскуолата» уопсастыбаннай түмсүү кыттыылаахтарын айымньылара киирдилэр. Үлэбитин харгыһа суох сайыннарарга дьулуһабыт. Тумус туттар дьоммут эрэнэн туттарбыт «Таммахтарын» кэскилэ кэҥээн иһэригэр кыһаллабыт», — диэн эттэ.

Эдэр суруйааччылар өрөспүүбүлүкэтээҕи ХХ  сүбэ мунньахтарын кыттыылаахтара Варвара Егорова, Марфа, Галина Сосиналар, Айталина Маякунова уо.д.а. саҥа сүүрээни киллэриэхтэрэ диэн бэлиэтиир. Итиэннэ үтүө сүбэһиттэригэр РФ уонна СӨ  Суруйааччыларын сойууһун чилиэннэригэр Константин Сосиҥҥа, Степан Марковка, кыраайы үөрэтээччи Аполлон Апросимовка,  ааптардарыгар Михаил Гурьевка, Василий Сидоровка, суруналыыс Виктор Поповка, улуустааҕы «Эркээйи» хаһыат эрэдээксийэтин кэллэктиибигэр (салайааччы А.Докторова), улуус баһылыгар Николай Старостиҥҥа, уо.д.а. махтанар.

This post was published on 30.06.2016 14:43 14:43