Тамалакаан нэһилиэгэр Россияҕа биллэриллибит педагог уонна наставник сылын арыйдылар

СИА

Үөһээ Бүлүү улууһун Тамалакаан нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ урут-уруккуттан историяларын харыстаан, ыччакка кэрэхсэбиллээхтик кэпсииллэр. Россияҕа педагог уонна наставник, Саха сиригэр Үлэ сылларын арыйыыга анаммыт дьаһал саҥа оскуола-саадтарыгар буолла. Эдэр учууталлар уонна наставниктар куонкурустара бэрт сэргэхтик ааста. Тэрээһин ытык кырдьаҕас, сис олохтоох, олунньу 10 күнүгэр 90 сааһын бэлиэтээри сылдьар Анастасия Игнатьевна Николаева үбүлүөйдээх тэрээһиннэрин чэрчитинэн барда.

Анастасия Игнатьевна Николаева — Тамалакаан нэһилиэгин ытык олохтооҕо, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, “Кыымчаан” дьыссаат өр сыллаах асчыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Ийэҕэ үрдүкү махтал» бэлиэ хаһаайката, Тамалакаан нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, элбэх оҕо ийэтэ, сиэн, хос сиэн эбээтэ.

Тамалакаан орто оскуолата дириҥ историялаах. 1940-с сыллаахха бастакы сургуул тутуллубута. Оҕолору үөрэх-билии киэҥ аартыгар сирдиир дьиэ Анастасия Игнатьевна Николаева аҕата, «Кыһыл өтүйэ» холкуоһу төрүттээбит хомуньуус Игнатий Семенович Николаев-Хоноһо, эһэтэ, сүүс сүөһүнү иитэн баай ааты ылбыт Семен Николаевич Николаев-Сыччык, хос эһэтэ, Сайылыкка олоҕу саҕалаабыт Тахтай Ньукулай кыстык сирдэрин тэриммит оҥкулларыгар тэриллэр. Игнатий Николаев холкуоһу тэрийэригэр аҕата туттарбыт дьиэлэрин оҕо үөрэнэр кыһаларыгар кубулутар. Онтон Настаа бэйэтэ дьыссаакка өр сыл асчытынан үлэлиир. Кини минньигэс, иҥэмтиэлээх аһын 60-с, 70-с, 80-с сыллардааҕы төрүөх оҕолор аһаан улааталлар.

Анастасия Игнатьевна билигин даҕаны ыччат дьоҥҥо сүбэтинэн-аматынан, көхтөөх олоҕунан, истиҥ санаатынан холобур буолар.

Нэһилиэк баһылыга Петр Иванов Россияҕа педагог уонна наставник, Саха сиригэр Үлэ сылларын тэрээһиннэрэ саҕаламмыттарын биллэрдэ. «Бастакы дьаһалбытынан учууталлар идэлэригэр куонкурустара буолла. Кэмигэр идеята өрө тутуллан, оҥоһулунна. Оскуола-саад салалтатыгар, педагогтарга махтанабын. Анастасия Игнатьевна оҕолорун кытта кыттыгас тэриллэр, ытык киһибитигэр ытыктабыл бэлиэтинэн буолар. Биһиги бачыыммытын атын нэһилиэктэр өйөөн, учууталлар маастарыстыбаларын сайыннарыыга маннык күрэхтэһиилэри ыытаргыт буоллар диэн ыҥырыы оҥоробун«, — диэтэ кини.

Оскуола дириэктэрэ Спиридон Федоров куонкурус бастакы түһүмэҕэ ааспытын кэпсээтэ. «Бу куонкуруспут бастакы түһүмэҕэ буолар. Салгыы олунньу 10 күнүгэр аны остолобуойбут асчыттарын маастарыстыбаларын көрүөхпүт. Ол күн биһиэхэ 2022 сыллаахха Россияҕа оҕо тэрилтэлэрин повардарын куонкурсугар уон бастыҥ иһигэр киирбит Кэнтик оскуолатын асчыттара кэлэн маастар-кылаас көрдөрүөхтэрэ. Хас биирдии куонкурус киһини сайыннарар, уопут биэрэр, онон педагогическай таһымнара үрдүүр. Салгыы өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустарга биһиги учууталларбыт кытталларыгар баҕарабыт, усулуобуйа тэрийэбит. Түмүгү таһаарар күҥҥэ Анастасия Игнатьевна бэйэтэ кэлэн кэпсиэ, наҕараадалары туттарыа«, — диэн былаантан билиһиннэрдэ.

Анастасия Игнатьевна 1953 сыллаахха Баппаҕаайыттан төрүттээх, Горнайтан айдарыылаах Михаил Иванович Николаевтыын ыал буолан, тоҕус оҕоҕо күн сирин көрдөрөллөр. Ыал аҕата эрдэ олохтон туораан, Настаа нарын санныгар «ийэ-аҕа» оруола тэҥинэн сүктэриллэн, дьулуурунан-тулуурунан, оҕолорун барыларын үөрэхтээн, атахтарыгар туруортуур. Ити эрээри, дьылҕа-хаан быһаарыыта кытаанах, өлүү обургу  ийэ сүрэҕиттэн үс оҕотун дэгиэ тыҥыраҕынан «былдьаан» илдьэ барар…

Бу күн оҕолоро күндү киһилэригэр, төрөөбүт төрүт дойдуларыгар барҕа махтал тылларын этээри тэринэ сылдьаллар. Кыыһа наука кандидата, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ медицина институтун аска киинин салайааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин уонна Уһук Илин федеральнай уокурук  кылаабынай диетолога, Нутрициологтар, диетологтар уонна ас индустриятын исписэлиистэрин Россиятааҕы сойууһун Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйа харыстабылын үтүөлээх үлэһитэ Ульяна Лебедева куонкуруска дьүүллүүр сүбэ састаабыгар баар. «Наһаа үтүө тыыннаах тэрээһин буолла. Эдэр учууталлар икки хамаандаҕа арахсан, бэйэлэрин наставниктарын кытта кылаас чаастарын, аһаҕас уруоктары ыыттылар, оҕолор олус көхтөөхтөр. Наһаа да үчүгэйдик бэлэмнэммиттэр, аныгы технологиялары баһылаабыт эдэр учууталлар уонна бэйэлэрин идэлэрин чахчы таптыыр учуутал-наставниктар буолалларын биһиэхэ көрдөрдүлэр. Сэргээтибит ахан. Биһиги ийэбит Анастасия Игнатьевна өр кэмҥэ олохтоох оҕо тэрилтэтигэр повардаабыта. Кини минньигэс, тотоойу аһын элбэх киһи ахтар. Бу педагог уонна наставник сылыгар ийэбит үлэтин мэктиэлээн тураммыт, бэйэбит үөрэммит оскуолабытыгар повардааһын искусствотыгар, учуутал маастарыстыбатыгар тэрээһин ыытабыт. Дьоммут-сэргэбит өйүүр, барыларыгар махтанабыт«, — диэтэ кини.

Дьүүллүүр сүбэҕэ 1997 сыллааҕы «Россия бастыҥ учуутала» куонкурус кыттыылааҕа, 1995 сыллаахха Саха сирин бастыҥ учуутала ааты ылбыт, Анастасия Игнатьевна уола Баппаҕай Дьулусхаан Баппаҕай уола баара куонкурус суолтатын, оруолун күүһүрдэн биэрдэ диэн учууталлар бэлиэтээтилэр.

Куонкуруска «Аартыгы арыйар учуутал» начаалынай кылаас учууталларын хамаандата уонна «Эйгэ» гуманитарнай предметтар учууталларын бөлөҕө кытыннылар.

Билигин Тамалакаан орто оскуолатыгар 91 оҕо үөрэнэр, 30 учуутал-педагог баар.

Ааптар: Лия Федотова, Тамалакаан

This post was published on 03.02.2023 19:47 19:47