Ил Дархан Анал этиитигэр тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, быйыл көрдөрүү тупсарыллыбытын, ол иһигэр үүтү ыаһын таһыма үрдээбитин бэлиэтээтэ, үүнэр сыллаах үлэ-хамнас сүрүн хайысхаларын ыйда.
Таисия Десяткина, РФ Тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, “Тумул” кэпэрэтиип салайааччыта:
— Егор Афанасьевич кэлэр сыллаах бүддьүөт социальнай хайысхатын сүтэриэ суоҕа, элбэх оҕолоох ыалларга, бэтэрээннэргэ, кыра дохуоттаах ыалларга көмөнү оҥорууга, үлэлээх-дьарыктаах буолууга итиэннэ оҥорон таһаарар үлэни тэрийиигэ болҕомто ууруллуо диэбитин биһирии иһиттим. Онон, тыа хаһаайыстыбатыгар көрүллэр үп сарбыллыбатыгар, үүт-эт, бурдук соҕотуопкатыгар уонна үлэлиир усулуобуйаны тэрийиигэ субсидия салгыы көрүллэригэр эрэнэбин.
Үүнэр сылы Дьарыктаах буолууну өйөөһүн сылынан биллэрэн, олохтоох дьону үлэнэн хааччыйар соругу саамай кэмигэр туруорда. Кырдьык, тыа да сиригэр үлэтэ суох киһи элбэх. Дьоҕус тэрилтэлэр элбэх киһини үлэлэтэр кыахтара суох, кыаммат хаһаайыстыбалартан дьон атаҕынан куотар. Онон, хаһаайыстыбалары өйөөһүн, бөҕөргөтүү тыын суолталанна. Ити биирэ. Иккис өттүттэн дьон “үлэ суох” диэбэккэ, бэйэтэ тугу эмит тэринэрэ наада. Билигин тыа сирэ уруккута буолбатах, суол-иис, сибээс тубуста, гаас кэллэ, бэйэ дьыалатын тэринээччилэргэ, эдэр фермердэргэ анаммыт бырагыраамалар, граннар бааллар, агрокластердарынан үлэ кэҥэтиллэр. Маннык көмөҕө тирэҕирэн, эдэр дьон хаһаайыстыба тэринэллэрэ, быһата, туох быыс-хайаҕас көстөрүнэн үлэлииллэрэ наада.