«Олохтоох бородууксуйаны оҥорууну үрдэтии, иҥэмтиэлээх, хаачыстыбалаах, доруобай бэйэ аһынан-үөлүнэн хааччыйыы сүрүн соругунан буолар«, — диэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуоттаах гражданина, РФ Тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар С.М.Аржаков аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, «Тумул» ТХПК бэрэссэдээтэлэ Таисия Десяткина. Кини өрөспүүбүлүкэҕэ тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар бастыҥ көрдөрүүлээх кэпэрэтиип уопуттаах салайааччытын быһыытынан киэҥник биллэр, ытыктанар.
Үлэни өрө туппут тумус тутуллар үтүө үлэһит, салайааччы кулун тутар 2‒4 күннэригэр Дьокуускай куоракка ыытыллар Саха АССР 100, өрөспүүбүлүкэҕэ Ийэ сылыгар аналлаах Саха сирин дьахталларын XV сийиэһигэр уонна Уһук Илин дьахталларын II пуорумнарыгар Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан дэлэгээтинэн талылынна. Таисия Васильевна Десяткина улахан суолталаах тэрээһиҥҥэ бэйэтин үлэтин хайысхатынан «Аграрник-дьахталлар тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга уонна доруобай көлүөнэни иитэн таһаарыыга оруоллара» диэн инники сыаллаах сиэссийэҕэ кыттыыны ылан бэйэтин санаатын, көрүүлэрин үллэстиэҕэ.
‒ Мин бэйэм этиибэр тыа сиригэр кэпэрээссийэ, тэрээһиннээх хаһаайыстыба оруолугар тохтуом, ‒ диир сийиэс дэлэгээтэ. ‒ Тыа хаһаайыстыбата салгыы сайдарыгар Бырабыыталыстыбаҕа, Ил Түмэҥҥэ, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр, улуус дьаһалталарыгар маннык этиилэрдээхпит: бастатан туран, кэлэр өртүгэр кэпэрээссийэни салгыы сайыннаран хас биирдии нэһилиэккэ тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар баар буолалларын ситиһиэххэ, оччоҕуна эрэ сүөһү ахсаанын аҕыйаппакка олохтоох, доруобай бородууксуйаны оҥоруу эбиллиэҕэ, дьон үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах буолуоҕа.
Иккиһинэн, нэһилиэктэргэ кэпэрэтииптэр, бааһынай-фермерскэй хаһаайыстыбалар тэриллэн үлэлииллэрин инниттэн хас биирдии нэһилиэккэ арендаҕа сылдьар сир пуондата баар буоларын ситиһиэххэ, ол инниттэн Судаарыстыбаннай Дуумаҕа туруорсан сир сокуонугар эбиилэри киллэрэн, сүөһүтэ суох эбэтэр атын сиргэ олорор дьон сирдэрин пуондаҕа киллэриигэ үлэлэһэргэ, дьон сирдээх эрэ буоллаҕына, салгыы тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир кыахтаах. Онон үлэлиэн баҕалаахтарга сири арендаҕа биэриэххэ.
Үсүһүнэн, билигин баар тэрээһиннээх хаһаайыстыбалары (кэпэрэтииптэри, бааһынай-фермерскэй хаһаайыстыбалары) салгыы өйүөххэ, үлэлиир усулуобуйаларын тэрийиэххэ, граннары олохтооһуну салгыы тэнитиэххэ. Тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар үгүстэрэ урукку сопхуос саҕанааҕы хаарбах хотоннорго үлэлииллэр. Хотон тутуутугар 80‒90 бырыһыан үбүлээһин көрүллэн иһэн сарбылынна, ону сөргүтүөххэ, өрөспүүбүлүкэҕэ сылга уонтан итэҕэһэ суох толору мэхэньисээссийэлээх, толору хааччыллыылаах хотоннор тутуллуохтарын наада, оччоҕуна эрэ билигин баар тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар толору үлэлиир кыахтаахтар. Тутууга үбүлээһин көрүллүөхтээх.
Төрдүһүнэн, сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ үлэлиир бырагыраама салгыы хайаан да үлэлиирэ эрэйиллэр. Сиргэ үлэлиир, хомуйар улахан тиэхиньикэлэринэн хааччыйыыга көмө оҥоһуллан иһэн эмиэ тохтоото. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ сир оҥорор улахан тыраахтардары, бурдук, сиилэс хомуйар хамбаайыннары атыылаһыыга көмөнү салгыы оҥороро наада.
Бэсиһинэн, Арассыыйаҕа да, өрөспүүбүлүкэҕэ да олохтоох бородууксуйаны оҥорууну үрдэтии, иҥэмтиэлээх, хаачыстыбалаах, доруобай бэйэ аһынан-үөлүнэн хааччыйыы сүрүн сорукпутунан буолуохтаах. Өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Николаев олохтоох бородууксуйаны оҥорууну үрдэтиигэ ылыммыт анал Ыйааҕа биһиэхэ тирэх буолар. Бу сорук олоххо киллэриллэригэр бородууксуйа сыанатыгар уонна кинини батарыыга кыайан быһаарылла илик хайысхалар бааллар, холобур, үп-харчы оҥорон таһаарааччыга быһаччы тиийэригэр олохтоох бородууксуйа туттарыллар сыаната үрдүүрүгэр болҕомто ууруллуохтаах. Оччоҕуна эрэ тыа сирин олохтооҕун, тыа хаһаайыстыбатын үлэһитин дохуота үрдүөҕэ, бу салааҕа эдэрдэр сыстан үлэлииллэрэ сыаналаныаҕа.
Алтыһынан, тыйыс усулуобуйаҕа Уһук Хоту уокуругар олорор, үлэлиир тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ, ол иһигэр табаһыттар, булчуттар, мэхэньисээтэрдэр, сүөһү иитиитин үлэһиттэрэ биэнсийэҕэ тахсар саастарын дьахталларга 50, эр дьоҥҥо 55 сааһынан хаалларалларыгар туруорсабыт. Бу боппуруоһу биһиги Судаарыстыбаннай Дуумаҕа дьокутааттарбытын кытары Бырабыыталыстыбабыт, Ил Түмэммит үлэлэһэригэр этиилээхпит.
Ити курдук, тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар баай уопутун, билиитин-көрүүтүн ууран туран күннэтэ туруулаһар салайааччы сийиэскэ тиэрдибит этиилэрэ болҕомтоҕо ылыллан инники үлэҕэ-хамнаска күүс-көмө, тирэх буолалларыгар баҕарабыт.
Ааптар: Алена Докторова, «Эркээйи» хаһыат, Мэҥэ Хаҥалас улууһа
This post was published on 02.03.2022 11:01 11:01