Бүлүү куоратыгар бүгүн, от ыйын 14 күнүгэр, «Табыс» ыччат өрөспүүбүлүкэтээҕи культурнай- үөрэх фестивала саҕаланна. Саха сиригэр икки сыллаах тохтобул кэнниттэн аан бастаан ыытыллар. Республика 16 оройуонуттан 700- тэн тахса киһи фестивальга кыттыаҕа, диэн СИА- ҕа регион баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. Бэстэбээл ыалдьыттарын Бүлүү өрүс кытылыгар көрүстүлэр.
«Тэрийээччилэр куонкурустары уонна күрэхтэһиилэри ыытыахтара, ол онно ыччаттар билиилэрин, үөрүйэхтэрин уонна талааннарын көрдөрүөхтэрэ. Ону тэҥэ, үөрэх бырагыраамалара уонна профориентация былааннанар. Бу билиини ыларга эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан биир санаалаах дьону кытта билсиһэргэ табыгастаах былассаакка буолар. Онон «ТАБЫС» бэстэбээли чөлүгэр түһэрээһини олох сөптөөх быһаарыынан ааҕабын», – диэн өрөспүүбүлүкэ премьерэ Андрей Тарасенко тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Бырагыраама үс хайысханан арахсар: үөрэх, спорт уонна култуура. Бырагыраамаҕа тус да, хамаанданан күрэхтэһиилэр ыытыллыахтара. Кыайыылаах хамаанда-УАЗ массыынаны, оттон бастыҥ ыччат общественнай тэрилтэтэ 350 тыһыынча солкуобай суумалаах харчынан бирииһи ылыаҕа.
Ыччат бэстэбээлэ от ыйын 14-16 күннэригэр Бүлүүгэ «Хомустаах» култуурунай-этнографическай комплекска ыытыллыаҕа. Тэрээһин Саха АССР 100 сылыгар, өрөспүүбүлүкэҕэ Ийэ сылыгар уонна Арассыыйа норуоттарын культурнай нэһилиэстибэтин сылыгар ананар.
Бэстэбээл аан маҥнай аан бастаан 2019 сыллаахха Хаҥалас улууһун Орто Дойдутугар буолбута. Манна бэстэбээл, өрөсппүүбүлүкэ 20 араас улууһуттан уонна биэс общественнай тэрилтэлэриттэн 600- тэн тахса кыттааччыны түмпүтэ. Үс күн устата театральнай туруоруу конкурстарыгар кыттан норуот маастардарын үлэлэрин көрдөрбүттэрэ, спортивнай күрэхтэһиилэргэ уонна дьыалабыай оонньууларга кыттыбыттара.
This post was published on 14.07.2022 12:01 12:01