Саха сирин ыччатын «Табыс» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстэбээлэ эһиил Бүлүү улууһугар буолуоҕа. Бу туһунан социальнай ситимҥэ Саха сирин ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияҕа солбуйааччыта Любовь Клюкина иһитиннэрдэ, диэн СИА кэпсиир.
«Саха сирин ыччатын бэстэбээлин кэлэр сылга былаанныыбыт.Билигин министиэристибэ уонна атын былаас уорганнарын иһинэн, бэстэбээл үрдүк таһымнаах ааһыарын туһугар, үбүнэн хааччыйыы боппуруостарын быһаарабыт. Урут былааннаабыппыт курдук, Бүлүү улууһугар ыытыахпыт», — диэн Любовь Клюкина кэпсээтэ.
Бэстэбээл аан маҥнай аан бастаан 2019 сыллаахха Хаҥалас улууһун Орто Дойдутугар буолбута. Манна бэстэбээл, өрөсппүүбүлүкэ 20 араас улууһуттан уонна биэс общественнай тэрилтэлэриттэн 600- тэн тахса кыттааччыны түмпүтэ. Үс күн устата театральнай туруоруу конкурстарыгар кыттан норуот маастардарын үлэлэрин көрдөрбүттэрэ, спортивнай күрэхтэһиилэргэ уонна дьыалабыай оонньууларга кыттыбыттара.
Өрөспүүбүлүкэ эпидемиологическай туруга мөлтөх буолан, кэнники икки сылга бэстэбэл кыайан ыытыллыбатаҕа.
This post was published on 01.12.2021 15:03 15:03