22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Табаны иитии сайдарыгар наука чопчу этиилэри оҥордо

13:41, 27 июня 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

ХИФУ научнай экспедицията үс сыллааҕыта Булуҥ улууһун «Приморскай» тэрилтэ базатыгар үлэлээбитэ. Экспедиция Арктика оройуоннарыгар табаны иитии култууратын сиһилии үөрэппитэ. Научнай бырайыак түмүгэр олоҕуран ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын института, историческай факультет уонна Кембриджтааҕы университет Саха сирин бырабыыталыстыбатын аатыгар этиилэри бэлэмнээтэ. Ити туһунан СИА-ҕа университет пресс-сулууспатыттан иһитиннэрдилэр.


«Научнай экспедиция ыыппыт үлэтин түмүгэ быһаарбытынан, Саха сиригэр 1980 сылы кытта тэҥнээтэххэ, таба ахсаана биллэ аччаабыт. Сыыппара сытыы чахчыларынан туоһулуур буоллахха, 1980 сыллаахха таба ахсаана 380 тыһыынча эбит буоллаҕына, билигин 150 тыһыынча. Сопхуостар, холкуостар эстиилэрэ, экология эмсэҕэлээһинэ, оройуоннар социальнай-экономическай туруктара мөлтөөһүнэ таба аҕыйааһынын сүрүн төрүөтүнэн буолбут. Билигин эдэр дьон үгүстэрэ табаһыт буолуохтарын баҕарбаттар. Ыстаадаларга үлэлииргэ усулуобуйа суох», – диэн ХИФУ историческай факультетын доцена Анатолий Алексеев этэр.

ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын института, историческай факультет уонна Кембриджтааҕы университет учуонайдара «Народы Северо-Востока РФ: выбор новой адаптивной стратегии в условиях глобализации. Социально-антропологический подход» бырайыагы үс сыл устата оҥордулар. Баар кыһалҕалары туоратыыгар кинилэр үөрэтии түмүгэр олоҕуран Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын аатыгар чопчу этиилэри оҥордулар.

«Норуоттар икки ардыларынааҕы научнай сурунаалларга ыстатыйалары бэчээттээһин, тустаах бырайыактары оҥоруу түмүгэр аан дойду уопсастыбаннаһа Арктика кыһалҕаларыгар ураты улахан болҕотону ууруоҕа диэн бүк эрэллээхпит», – диир доцент.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар