21 Сэтинньи 21.11
  • -31°
  • $ 100,22
  • 105,81

Табалаахха СВО байыастарын дьиэ кэргэттэригэр муустарын бэлэмнээтилэр

Хаартыска: Вести Верхоянья хаһыат
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьааҥы улууһун Табалааҕар олохтоох уулартан муус ылыыта саҕаланна. Бастатан туран, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр, тыыл бэтэрээннэригэр, сэрии оҕолоругар мууһунан хааччыйыы барар.

Тэрээһиҥҥэ бары тэрилтэлэр, нэһилиэк дьаһалтата кытталлар.

«Бу үгэскэ кубулуйбут дьаһал. Сомоҕолоһуу уонна бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһүү нэһилиэк олохтоохторун сыаннастара буолаллар», — диэн тэрийээччилэр эттилэр, суруйда «Вести Верхоянья» хаһыат.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА