Дьааңыга бүгүн халлаан туругун кэтээччи-манааччы күн-түүн элбиир. Ахсынньы ый, урут баччаларга, тымныытынан «аам-даам тымныылаах» диэн хоhуллубут эбит буоллаҕына, кэлиңңи сылларга тымныы хойутаата,диэн олохтоохтор бэлиэтииллэр.
Бу күннэргэ Дьааҥыга тымныы -54 уонна -57° бэлиэтэнэ сырытта. Оттон, бүгүҥҥү туругунан, халлаан тымныыта Дьааңы куоратыгар — 42° кыраадыс, былыттаах. Боруулаахха уонна Табалаахха — 49° кыраадыс тымныы буолан, алын кылаастар ұөрэммэтилэр.
Олох-дьаhах хаhаайыстыбалара кыраапык быhыытынан сөптөөхтүк үлэлии тураллар.
Быйыл сайын халаан уутуттан социальнай эбийиэктэргэ уонна дьон олорор дьиэлэригэр ыксаллаах быhыы тахса сылдьыбыта. СӨ бырабыыталыстыбата уонна улуус салалтата тутатына дьаhаллары ылан, билигин кыhыңңы саамай тымныы ыйдары этэңңэ туоруурга дьон эрэллээх.
Ааптар: Раиса Чирикова
This post was published on 12.12.2022 17:01 17:01